Апостоллар 10
10
Петр уонна Корнилий
1Кесарияҕа биир Корнилий диэн киһи баара. Кини Италия когортатын сотнига этэ. 2Корнилий дьиэтин кэргэттэрин барыларын кытта Таҥараны итэҕэйэрэ, Киниттэн толлоро; дьадаҥыларга өлгөмнүк көмөлөһөрө, өрүүтүн үҥэ сылдьара. 3Биирдэ тоҕус чаас саҕана, Корнилий көрдөҕүнэ, Таҥара Аанньала кини дьиэтигэр киирэн: «Корнилий!» – диэн ыҥырбыта.
4Кини, Аанньалы көрөн, куттанан: «Тугуй, Айыы Тойон?» – дии түспүтэ.
Аанньал эппитэ: «Таҥара эн үҥпүт үҥүүгүн, дьоҥҥо көмөҕүн өйдөөн кэллэ. 5Онон билигин Иоппияҕа дьону ыытан, Петр диэн ааттанар Симоны ыҥыртар. 6Кини билигин муора кытыытыгар дьиэлээх биир Симон диэн имииһиккэ ыалдьыттаан олорор. Эһиги бүтүн дьиэ кэргэнинэн быыһанар тылгытын эйиэхэ кини этиэҕэ».
7Кэпсэппит Аанньала барбытын кэннэ, Корнилий икки чаҕарын уонна Таҥараны итэҕэйэр буойунун ыҥыран ылбыта; 8итиэннэ кинилэри, барытын быһааран биэрэн баран, Иоппияҕа ыыппыта.
Петр дьиктини көрүүтэ
9Нөҥүө күнүгэр, илдьиттэр айаннаан куоракка чугаһаан истэхтэринэ, алта чаас саҕана#10:9 Алта чаас саҕана – күнүс уон икки чаас саҕана. Петр дьиэ үрдүгэр үҥэ тахсыбыта. 10Кини эмискэ аччыктаан аһыан баҕаран кэлбитэ. Аһы бэлэмнии сырыттахтарына, ис-иһиттэн көтөҕүллэн, 11Халлаан арыллан турарын көрбүтэ: Халлаантан түөрт муннуга баайыылаах кэтит таҥас курдук туох эрэ иһит сиргэ түһэн эрэрэ; 12иһиккэ сир үрдүгэр баар кыыл-сүөл, эриэн үөн эгэлгэтэ, кынаттаах көтөр арааһа хааламмыт этэ.
13«Петр, туран, мантан өлөрөн сиэ!» – диэн ыҥырар саҥа иһиллибитэ.
14«Суох, туох да иһин сиэбэппин, Айыы Тойон. Мин хаһан даҕаны быртаҕы, кирдээҕи сиэбэтэҕим», – диэбитэ Петр.
15Били саҥа киниэхэ иккистээн эппитэ: «Таҥара ыраастаабытын кирдээх диэмэ».
16Бу маннык саҥа үстэ иһиллибитин кэннэ, иһит төттөрү#10:16 Төттөрү – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «эмискэ». Халлааҥҥа тахсыбыта.
17Кини, бу туох суолталаах көстүү буолуой диэн толкуйга түһэн олордоҕуна, били Корнилий ыыппыт дьоно, имииһит Симон дьиэтин ыйдаран, олбуорун ааныгар кэлэн, тохтообуттара.
18«Петр диэн ааттаах Симон манна баар дуо?» – диэн үөгүлээбиттэрэ кинилэр.
19Тугу көрбүтүн өйдүү сатыы олордоҕуна, Тыын Петрга: «Көр, ол үс киһи эйигин көрдүү сылдьаллар, – диэбитэ. – 20Аллара түһэн, кыратык да саараҥнаабакка, ити дьоннуун барыс – кинилэри эйиэхэ Мин ыыппытым».
21Кини, аллара түһэн, Корнилий ыыппыт дьонугар: «Көрдүүр киһигит бу баарбын, – диэбитэ. – Туох соруктаах кэллигит?»
22Анарааҥҥылар эппиттэрэ: «Биһигини Корнилий сотник ыытта. Корнилий Таҥараттан толлор үтүөкэн киһи, иудей норуота кинини сөбүлүүр. Сибэтиэй Аанньал киниэхэ: „Петры дьиэҕэр ыҥыран этэр тылын иһит“, – диэн соруйбут үһү». 23Петр дьону, дьиэҕэ ыҥыран киллэрэн, күндүлээбитэ.
Корнилий дьиэтигэр
Нөҥүө күнүгэр Петр кинилэри кытта айаҥҥа туруммута; сорох Иоппиятааҕы бырааттара эмиэ барсыбыттара. 24Сарсыныгар Кесарияҕа кэлбиттэрэ. Корнилий, урууларын-аймахтарын, чугас доҕотторун мунньан, күүтэн олороро. 25Петр дьиэҕэ киирэн истэҕинэ, Корнилий утары кэлэн, сөһүргэстии түһэн, сүгүрүйбүтэ.
26Петр кинини туруоран: «Тур, доҕор, мин эмиэ киһибин ээ», – диэбитэ.
27Иккиэн, кэпсэтэ-кэпсэтэ, дьиэҕэ киирбиттэрэ: элбэх киһи мустан олороро. 28Петр кинилэргэ эппитэ: «Иудей киһитэ атын омук дьонун кытта чугасаһара, кинилэргэ сылдьара бобулларын эһиги билэҕит; ол эрээри Таҥара миэхэ кими да кирдээх, куһаҕан дии санаама диэн эппитэ. 29Онон ыҥырбыккытыгар мин биир тылы утары эппэккэ кэллим. Миигин туох дьыалаҕа ыҥыртардыгыт?»
30Корнилий кэпсээбитэ: «Түөрт хонуктааҕыта, эмиэ баччаҕа диэри постанан баран#10:30 Постанан баран – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар., тоҕус чааска дьиэбэр үҥэ турдахпына, арай иннибэр сандаархай таҥастаах киһи көстөн кэлэн эттэ: 31„Корнилий, эн үҥэриҥ тиийдэ, дьадаҥыларга көмөҕүн Таҥара өйдөөн кэллэ, 32онон Иоппияҕа киһитэ ыытан Симон Петры ыҥыртар; кини муора кытылыгар имииһит Симон дьиэтигэр ыалдьыттыы олорор; кини, кэлэн, эйиэхэ барытын этиэҕэ#10:32 Кини, кэлэн, эйиэхэ барытын этиэҕэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар“. 33Мин сонно эйигин ыҥыртара ыыппытым. Дьэ онон кэлбитиҥ олус үчүгэй. Таҥара#10:33 Таҥара – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Айыы Тойон». эйиэхэ тугу соруйбутун сиһилии истээри, билигин бу биһиги Кини иннигэр турабыт».
Петр тыл этиитэ
34«Таҥара кими да чорбоппотун дьэ дьиҥ-чахчы биллим, – диэн саҕалаабыта Петр этэр тылын. – 35Таҥара хайа да норуокка Киниттэн толлор, кырдьыгы тутуһар дьону сөбүлүүр. 36Кини, Иисус Христос биэрэр эйэтин туһунан Евангелиены иһитиннэртэрэн, Израиль норуотугар Бэйэтин тылын тиэрдибитэ. Туох баар барытын Айыы Тойоно Иисус буолар. 37-38Иоанн сүрэхтэнэргэ ыҥырбытын кэнниттэн, Галилеяттан саҕалаан бүтүн Иудея устун туох буолбутун эһиги бэйэҕит билэҕит: Таҥара Назарет Иисуһун Сибэтиэй Тыынынан уонна сүдү күүһүнэн бэлиэтээбитэ, Кини, Таҥараны кытта бииргэ буолан, сир-сир аайы үтүөнү оҥороро, адьарайга бохсуттарбыттары барыларын үтүөрдэрэ. 39Иисус Иудея дойдутугар уонна Иерусалимҥа тугу оҥорбутун туоһулара бу биһиги баарбыт. Онтон Кинини кириэскэ ыйаан өлөрбүттэрэ. 40-41Өлбүтэ үһүс күнүгэр Таҥара Кинини тилиннэрэн баран, норуокка барытыгар буолбакка, Бэйэтэ эрдэттэн талан ылбыт туоһуларыгар эрэ, ол аата өлөн баран тиллибитин кэннэ, Кинилиин бииргэ аһаан-сиэн сылдьыбыт дьоҥҥо – биһиэхэ эрэ – көрдөрбүтэ. 42Уонна Кини тыыннаахтары да, өлбүттэри да дьүүллүүргэ анаабыт Судьуйата Иисус буоларын дьоҥҥо иһитиннэрэрбитигэр, туоһулуурбутугар соруйбута. 43Пророктар бары Кини туһунан туоһулууллар: Иисуһу итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи аньыыта-буруйа Кини аатынан бырастыы буолуоҕа».
Омуктар Сибэтиэй Тыыны ылыналлар
44Петр өссө этэн бүтэ илигинэ, кинини истээччилэргэ барыларыгар Сибэтиэй Тыын киирбитэ. 45-46Петры кытта кэлсибит итэҕэйэр еврейдэр бу дьон, араас атын тылларынан саҥаран, Таҥараны айхаллыылларын истэн, Сибэтиэй Тыын бэлэҕэ атын омуктарга эмиэ бэриллибитин көрөн, олус сөхпүттэрэ. Онуоха Петр эппитэ: 47«Сибэтиэй Тыыны эмиэ биһиги курдук ылыммыт дьон уунан сүрэхтэнэллэрин ким туорайдаһыан сөбүй?»
48Инньэ диэн баран Иисус Христос аатыгар сүрэхтэнэллэригэр соруйбута. Кинилэр Петртан өссө да аҕыйах хонукка хаала түс диэн көрдөспүттэрэ.
Zvasarudzwa nguva ino
Апостоллар 10: СБК
Sarudza vhesi
Pakurirana nevamwe
Sarudza zvinyorwa izvi
Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda
© Институт перевода Библии, 2008-2022