YouVersion Logo
Search Icon

Руфь 2

2
Руфьтаах Вооз
1Ноеминь эрин аймаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ олус ытыктанар, эмиэ Елимелех аҕатын ууһуттан төрүттээх Вооз диэн киһи баара.
2Биирдэ Моав кыыһа Руфь ийэ хотунуттан: «Мин бааһынаҕа баран, көҥүллүүр буоллахтарына, тохтубут куолаһы итигэстиэхпин сөп дуо?» – диэн ыйыппыта.
«Чэ бара сырыт, тоойуом», – диэбитэ Ноеминь. 3Руфь бурдук быһааччылары батыһа сылдьан, кинилэр түһэрбит куоластарын хомуйбута. Бааһына Елимелех аҕатын ууһуттан төрүттээх Вооз киэнэ буолан биэрбитэ. 4Өссө ити күн Вифлеемтэн Вооз бэйэтинэн тиийэн кэлбитэ.
«АЙЫЫ ТОЙОН эһигинниин бииргэ буоллун!» – диэбитэ кини бурдук быһааччыларыгар.
«АЙЫЫ ТОЙОН эйигин алҕаатын!» – дэспиттэрэ анарааҥҥы дьон.
5Вооз бурдук быһааччылары салайар үлэһититтэн: «Ити хайаларын эдэр кыыһа сылдьарый?» – диэн ыйыппыта.
6«Моав сириттэн Ноемины кытта кэлсибит кыыс, – диэбитэ үлэһиттэр тойонноро. – 7Быһааччылар хаалларбыт куоластарын итигэстиэхпин сөп дуо диэн көрдөспүтэ. Хара сарсыардаттан баччааҥҥа диэри олох сынньаммакка сылдьар».
8Вооз Руфька эппитэ: «Тоойуом, иһит. Эн атын бааһынаҕа хомуйа барыма, мантан халбарыйыма. Мин чаҕар кыргыттарбын кытта бииргэ сырыт. 9Быһааччылар ханна үлэлииллэрин көрө сылдьан кыргыттары батыһан ис. Мин дьоммор эттим, эйигин атаҕастыахтара суоҕа. Утаттаххына, ол чаҕардарым толору уу куппут купсууннарыттан иһээр».
10Маны истээт Руфь сөһүргэстии түспүтэ уонна сиргэ диэри сүгүрүйэн баран: «Эн тоҕо мин туспар кыһаллаҕын, маннык үтүөтүк сыһыаннаһаҕын? Мин туора омукпун эбээт», – диэбитэ.
11Вооз киниэхэ эппитэ: «Эриҥ өлбүтүн кэннэ ийэ хотуҥҥар хайдах амарахтык сыһыаннаспыккын миэхэ кэпсээбиттэрэ. Аҕалаах ийэҕин, төрөөбүт дойдугун хаалларан, урут төрүт билбэт дьоҥҥор кэлсибиккин. 12Ити үтүөҕүн эйиэхэ АЙЫЫ ТОЙОН төлүөхтүн, Израиль Таҥарата, АЙЫЫ ТОЙОН, эйиэхэ, Кини кынатын анныгар дурда-хахха көрдөһөн кэлбитиҥ иһин, толору манньа биэриэхтин».
13«Тойонуом, эн үтүө сыһыаҥҥын сүтэрбэтэрбин! – диэбитэ Руфь. – Олус да санаабын көтөхтүҥ, кулуккун, миигин, уоскуттуҥ! Мин, дьиҥэр, эн биир да чаҕар дьахтаргар тэҥнэспэппин».
14Күнүскү омурҕан саҕаламмыта. Вооз: «Руфь, манна кэлэн аһаа, бу уксууска килиэпкин умньаа», – диэбитэ. Руфь бурдук быһааччылар аттыларыгар олорбута. Вооз киниэхэ ыһаарыламмыт туораах бурдук биэрбитэ. Руфь тото-хана аһаабыта, биэрбит астарыттан өссө ордоруммута. 15Онтон эмиэ куолас хомуйа барбыта. Кини барбытын кэннэ, Вооз үлэһиттэригэр эппитэ: «Түүтэхтэр быыстарыттан да итигэстээтэҕинэ, туох да диэмээриҥ. 16Бурдук быһаргытыгар соруйан куоласкытын түһэрэ сылдьыҥ. Ыллын, эһиги кинини саҥарымаҥ».
17Руфь бааһынаҕа тохтубут куолаһы киэһээҥҥэ диэри хомуйан баран, онтун кэлиигэ сынньыбыта – эфа#2:17 Эфа – быһа холоон 11 киилэ. кэриҥэ нэчимиэн буолбута. 18Руфь куоракка төннүбүтэ. Төһөнү хомуйбутун ийэ хотунугар көрдөрбүтэ уонна күнүскү омурҕаныттан ордоруммут аһын биэрбитэ.
19«Хайа бүгүн ханна итигэстээтиҥ? Ханна үлэлээтиҥ? – диэн ыйыппыта ийэ хотуна. – Эйиэхэ үтүөнү оҥорбут киһиэхэ алгыс буоллун!»
Руфь хайаларын сиригэр сылдьыбытын кэпсээн баран: «Ол бааһыналаах киһим Вооз диэн», – диэбитэ.
20«АЙЫЫ ТОЙОН кинини алгыахтын! – Ноеминь саҥа аллайбыта. – АЙЫЫ ТОЙОН тыыннаахха да, өлбүккэ да үтүө сыһыанын уларыппат эбит. Ол киһи биһиэхэ көмөлөһөр кыахтаах чугас уруубут ээ».
21Руфь эппитэ: «Өссө саамай үчүгэйэ баар, кини бурдук быһыыта бүтүөр диэри үлэһиттэрбин кытта бииргэ сырыт диир».
22Ноеминь кийиитигэр: «Тоойуом, эн кини чаҕар кыргыттарын кытта бииргэ сылдьарыҥ ордук эбит, – диэбитэ, – Атын бааһынаҕа бардаххына атаҕастаныаҥ».
23Руфь нэчимиэн уонна сэлиэһинэй быһыыта бүтүөр диэри Вооз чаҕар кыргыттарын кытта бииргэ сылдьан, бааһынаҕа хаалбыт бурдук куолаһын итигэстээбитэ. Ити кэмҥэ Руфь ийэ хотунунуун бииргэ олороро.

Currently Selected:

Руфь 2: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in