YouVersion
Pictograma căutare

Саалтыр 8

8
1Хуор салайааччытыгар. Геф куорат инструменын доҕуһуолунан. Давид псалома.
2 Айыы Тойон, биһиги Айыы Тойоммут,
хайдах курдук сүдүнүй Эн аатыҥ бүтүн сир үрдүнэн!
Эн кэрэмэн килбиэҥҥин
халлааннар үрдүлэринэн тэниттиҥ.
3Эн өстөөхтөрүҥ тустарыттан –
өһүөннээҕи, өһөгөйдөөҕү өһөрөөрү, –
кыра оҕолор, эмиийдээх оҕолор уостарынан
айхал тылларын Бэйэҕэр этиттиҥ.
4Эн уран тарбаҕыҥ оҥоһуктарын,
халлааннаргын, анаардахпына,
Эн оннун булларбыт ыйгын,
сулустаргын одуулаатахпына,
мин бэркиһии да саныыбын:
5кимий-тугуй киһи диэн,
тоҕо Эн кинини өйдүү сылдьаҕын,
кимнээҕий ол дьон диэн,
тоҕо Эн кинилэргэ кыһаллаҕын?
6Бэрт кыранан Эн киһини Аанньалга тиэрпэтиҥ:
кэрэмэн килбиэни, үрдүк чиэһи
киниэхэ мэнньиэстии кэтэртиҥ,
7айбытыҥ барытын үрдүнэн кинини туруордуҥ,
баары барытын кини атаҕын анныгар уурдуҥ:
8барааннары-оҕустары барыларын,
хонуу кыылын-сүөлүн,
9халлаан көтөрүн, байҕал балыгын,
муоранан суолланары барытын.
10 Айыы Тойон, биһиги Айыы Тойоммут,
хайдах курдук сүдүнүй Эн аатыҥ бүтүн сир үрдүнэн!

Evidențiere

Partajează

Copiază

None

Dorești să ai evidențierile salvate pe toate dispozitivele? Înscrie-te sau conectează-te