YouVersion
Pictograma căutare

Эсфирь 6:1-2

Эсфирь 6:1-2 СБК

Ити түүн ыраахтааҕы көрбүт хараҕын симмэтэҕэ. Уута кэлбэккэ, Өйдөбүнньүк кинигэтин, атыннык эттэххэ, дойдутун бэлиэ түгэннэрин үйэтитэр кинигэтин, аҕалтаран, киниэхэ ону улаханнык доргуччу ааҕалларыгар дьаһайбыта. Онно кини икки аттакыта, утуйар хоһун манабыллара Бигтана уонна Тереш, ыраахтааҕы тыыныгар турунарга санаммыттарын Мардохей тыллаан биэрбитин туһунан эмиэ суруллан сылдьара.