Kisary famantarana ny YouVersion
Kisary fikarohana

Саалтыр 10

10
1Хуор салайааччытыгар. Давид псалома.
Айыы Тойоҥҥо мин эрэнэбин;
хайдах эһиги миэхэ этэҕитий:
«Чыычаах буолан, хайаҕар көтөн хаал, – диэн, –
2көр, ол хара дьайдаахтар, ох сааларын аҥаабыллаан,
оноҕосторун сааларын кирсигэр ыга тутан,
көнө сүрэхтээхтэри хараҥаҕа ытардыы оҥостоллор.
3Туох барыта төрдүттэн сатарыйбыт буоллаҕына,
көнө киһи тугу гыныаҕай?»
4 Айыы Тойон сибэтиэй Храмыгар баар;
Айыы Тойон бүрүстүөлэ халлааҥҥа турар.
Кини хараҕа барытын араарар,
Кини киһи аймаҕы чинчилии анаарар.
5 Айыы Тойон көнө киһини тургутар,
оттон мөкүнү, күөмчүһүтү Кини дууһата абааһы көрөр.
6Кини нэгэйдэргэ уоттаах чоҕу, сиэрэни ардахтыы кутуоҕа,
кинилэр ирээттэринэн кураан тыал буолуоҕа.
7 Айыы Тойон кырдьыктаах, онон кырдьыгы таптыыр;
көнө киһини Кини көрөр.

Voafantina amin'izao fotoana izao:

Саалтыр 10: СБК

Asongadina

Hizara

Dika mitovy

None

Tianao hovoatahiry amin'ireo fitaovana ampiasainao rehetra ve ireo nasongadina? Hisoratra na Hiditra