Саалтыр 1
1
I КИНИГЭТЭ
1–40 псаломнар
1Давид псалома.
Ким нэгэйдэр сүбэлэрин истибэт,
аньыылаахтар суолларын тутуспат,
итэҕэли күлээччилэри эҥээрдэспэт, ол дьоллоох.
2 Айыы Тойон # 1:2 Таҥара Эргэ Кэс Тылга суруллубут «Яхве», ол аата «Кини баар» эбэтэр «Кини олоҕу биэрэр» диэн суолталаах ытык аата бу тылбааска улахан буукубаларынан бэриллэр. Сокуонуттан кини үөрүүнү булар,
ол Сокуону күннэри-түүннэри саныы сылдьар.
3Кини сүүрүктээх уу аттыгар олордуллубут,
кэмэ кэллэ да, аһын биэрэр,
кэхтэри билбэт сэбирдэхтээх үөл маска холоонноох;
бары дьайыытыгар кини ситиһиилээх.
4Оттон нэгэй быһыылаахтар чыҥха атыттар –
кинилэр тыал ыһар мэкиинэтин курдуктар.
5Онон тулуйуохтара суоҕа нэгэйдэр Таҥара дьүүлүн,
аньыылаахтар – көнө дьон түмсүүтүн.
6 Айыы Тойон көнө дьон суолун билэр,
оттон нэгэйдэр суоллара өлүүгэ тиэрдэр.
Voafantina amin'izao fotoana izao:
Саалтыр 1: СБК
Asongadina
Hizara
Dika mitovy

Tianao hovoatahiry amin'ireo fitaovana ampiasainao rehetra ve ireo nasongadina? Hisoratra na Hiditra
© Институт перевода Библии, 2008-2022