Akara Njirimara YouVersion
Akara Eji Eme Ọchịchọ

Саалтыр 4

4
1Хуор салайааччытыгар. Устурууналаах инструмент доҕуһуолунан. Давид псалома.
2Эйигин ыҥырдахпына миигин иһит, кырдьыгым Таҥарата!
Кыараҕастан Эн миигин киэҥ сир киэлитигэр таһаарарыҥ.
Абыраа миигин, иһит мин үҥэрбин.
3Оо, дьоннор, төһө өр эһиги мин чиэспин киртитэҕит?
Төһө өр сүпсүгү сөбүлүүгүт, көлдьүнү көрдүүгүт? Села
4Билиҥ Айыы Тойон итэҕэллээх киһитин
Бэйэтигэр туспа арааран ылбытын;
мин ыҥырдахпына Айыы Тойон миигин истэр.
5Абаран-сатаран да баран, аньыыны оҥостумаҥ,
сытан эрэ искитигэр сыаналаан көрүҥ, уоскуйуҥ. Села
6Сиэрдээх сиэртибэни эһиги биэриҥ,
Айыы Тойоҥҥо эрэниҥ.
7«Ким биһиэхэ үтүөнү көрдөрүөй?» – дэһэллэр үгүстэр.
Айыы Тойон, Эн сирэйиҥ сырдыга биһиэхэ сыдьаайдын!
8Эн мин сүрэхпин үөрдүбүт үөрүүҥ быдан үрдүк
дэлэй бурдуктаах, арыгылаах дьон үөрүүтүнээҕэр.
9Мин холкутук сытан утуйабын:
Эн эрэ, Айыы Тойон, араҥаччылыыр буолаҥҥын,
олохпор куттал суоһаабат.

Nke Ahọpụtara Ugbu A:

Саалтыр 4: СБК

Mee ka ọ bụrụ isi

Kesaa

Mapịa

None

Ịchọrọ ka echekwaara gị ihe ndị gasị ị mere ka ha pụta ìhè ná ngwaọrụ gị niile? Debanye aha gị ma ọ bụ mee mbanye