Эсфирь 8
8
Эсфирь иудейдары быыһыыр
1Ол күн Ахашверош ыраахтааҕы иудейдар өстөөхтөрүн Аман баайын-дуолун барытын Эсфирь сарыыссаҕа биэрбитэ. Онтон Мардохей, Эсфирь кини туһунан убайым диэн кэпсээбит буолан, ыраахтааҕы иннигэр кэлэн турбута. 2Ыраахтааҕы Амантан төттөрү ылбыт бэчээттээх биһилэҕин устан Мардохейга биэрбитэ. Эсфирь буоллаҕына Мардохейы Аман бас билэр сирин-уотун салайааччытынан анаабыта.
3Сотору Эсфирь ыраахтааҕыга хат кэлэн, ытыы-ытыы кини атаҕар умса нөрүйбүтэ уонна Агаг удьуора Аман хара санаата, иудейдары утары туруоруммут соруга туоларын туорайдас диэн көрдөспүтэ-ааттаспыта. 4Ыраахтааҕы Эсфирьгэ кыһыл көмүс торуоскатын ууммутугар Эсфирь туран, кини иннигэр кэлэн, 5эппитэ: «Өскөтүн ыраахтааҕы сөптөөх диэтэҕинэ, итиэннэ миэхэ үтүөтүк сыһыаннаһан, бу дьыаланы көрүү сиэрдээх суол диир, миигин ылынар буоллаҕына, Агаг удьуорун Амадаф уола Аман ыраахтааҕы бас билэр сиригэр барытыгар иудейдары эһээри тобулан таһаарбыт ыйааҕын көтүртэрэр дьаһал сурук сурулуннун. 6Норуоппар итинник аан алдьархай ааҥнаан эрэрин мин хайдах холкутук көрөн олоруомуй? Аҕа ууһум эстэрин хайдах тулуйан көрөр кыахтаныамый?»
7Ахашверош ыраахтааҕы Эсфирь сарыыссаҕа уонна Мардохей иудейга эппитэ: «Мин Аман баайын-дуолун барытын Эсфирьгэ биэрбитим, оттон Аманы бэйэтин, иудейдары эһиэн баҕарбытын иһин, мас остуолбаҕа ыйаабыттара. 8Билигин эһиги иудейдар тустарынан биир тыын суолталаах диэбит ыйааххытын мин ааппыттан суруйан баран, онно мин бэчээппин туруоруҥ. Ыраахтааҕы аатыттан суруллан кини бэчээтинэн бигэргэтиллибит ыйаах көтүллүбэт».
9Онон үһүс ый, ол эбэтэр сиван ый, сүүрбэ үһүс күнүгэр ыраахтааҕы суруксуттара ыҥырыллан, Мардохей чопчу ыйбытынан, Индияттан Эфиопияҕа диэри тайаан сытар сүүс сүүрбэ сэттэ уобалас бары иудейдарыгар, баһылыктарыгар, тойотторугар уонна салайааччыларыгар анаан саҥа ыйааҕы суруйбуттара. Ол дьаһал хас биирдии уобалас олохтоохторун суругунан-бичигинэн, хас биирдии норуот тылынан, оттон иудейдарга кинилэр бэйэлэрин суруктарынан, тылларынан-өстөрүнэн суруллубута. 10Ахашверош аатыттан суруллан кини бэчээттээх биһилэҕинэн бигэргэтиллибит ыйааҕы ыраахтааҕы көньүүһүнэтин бастыҥ сүүрүк аттарын мииммит илдьиттэр тарҕаппыттара.
11Ыраахтааҕы ыйааҕынан куорат-куорат аайы иудейдар мустан тыыннарын көмүскэнэллэрэ – хас норуот, хас уобалас ахсын иудейдарга саба түһэр сэбилэниилээх күүстэри, кинилэр ойохторун, оҕолорун имири эһэллэрэ, өлөрөллөрө-өһөрөллөрө, суох оҥороллоро уонна өстөөхтөрүн баайдарын-дуолларын былдьаан ылаллара көҥүллэммитэ. 12Иудейдар Ахашверош ыраахтааҕы бас билэр сиригэр барытыгар итинник көмүскэнэр болдьохтоох күннэрэ – уон иккис ый, ол аата адар ый, уон үһүс күнэ этэ. 13Иудейдар ити күн өстөөхтөрүттэн иэстэһэргэ бэлэм буолалларын туһугар, сокуон күүһүн ылбыт суругу устан ылан хас уобалас ахсын бары норуоттарга иһитиннэриэх тустаахтара.
14Илдьиттэр ыраахтааҕы көньүүһүнэтигэр турбут сүүрүк аттары миинэн, сонно тута ыраахтааҕы сорудаҕын толоро ыстаннарбыттара; ыйаах Сузы бөҕөргөтүнүүлээх куоратыгар доргуччу иһитиннэриллибитэ.
15Мардохей дыбарыастан ыраахтааҕы көҕөрүмтүйэн көстөр хараҥа кыһыл уонна маҥан өҥнөөх мааны таҥаһын-сабын таҥнан, төбөтүгэр улахан кыһыл көмүс мэнньиэһи кэтэн, күндү маҥан лүөн уонна кыһыл түү сабынан өрүллүбүт сонноох тахсыбыта. Онон Сузы куоракка үөрүү-көтүү, өрөгөй бөҕө өрө оргуйа түспүтэ. 16Иудейдарга сырдык чаҕылыччы тыган, дьол-үөрүү тосхойон, көрдөөх-нардаах дьоро кэм үүммүтэ. 17Ыраахтааҕы дьаһала, кини ыйааҕа тиийбит хас уобалаһын, хас куоратын ахсын, иудейдар үөрэн-көтөн, өрөйөн-чөрөйөн, малааһын тэрийэллэрэ, бырааһынньык оҥороллоро. Бу дойду норуоттарын үгүс дьоно эмиэ, кинилэртэн куттанан, бэйэлэрин аны иудейдарбыт дэнэр буолбуттара.
Nke Ahọpụtara Ugbu A:
Эсфирь 8: СБК
Mee ka ọ bụrụ isi
Kesaa
Mapịa
Ịchọrọ ka echekwaara gị ihe ndị gasị ị mere ka ha pụta ìhè ná ngwaọrụ gị niile? Debanye aha gị ma ọ bụ mee mbanye
© Институт перевода Библии, 2008-2022