Руфь 1

1
Елимелех дьиэ кэргэнэ Моавка көһөр
1Өрдөөҥҥүтэ, Израилы судьуйалар салайалларын саҕана, дойдуга улахан сут туран, биир киһи ойоҕун уонна икки уолун кытта Иудея Вифлеем куоратыттан Моав сиригэр көһөн барбыта. 2Ол киһи аата Елимелех, ойоҕун аата Ноеминь, оттон уолаттарын ааттара Махлон, Хилеон диэннэрэ. Кинилэр Иудея Вифлеем куоратыгар баар Ефрафа аҕатын ууһуттан төрүттээхтэрэ.
Дьэ, онон Елимелех дьиэ кэргэнэ Моав сиригэр тиийэн олохсуйбута. 3Онно олордохторуна Елимелех өлөн, Ноеминь икки уолун кытта аҥаардас хаалбыта. 4Уолаттар Моав кыргыттарын ойох ылбыттара. Биир кийиит аата Орфа, оттон иккис Руфь диэн этэ. Ол сиргэ уонча сыл олорбуттарын кэннэ, 5аны Махлоннаах Хилеон өлбүттэрэ. Ити курдук Ноеминь уолаттарыттан да, эриттэн да ытыс соттубута.
Ноеминь уонна кини икки омук кийииттэрэ
6АЙЫЫ ТОЙОН норуотугар көмөлөһөн бурдук биэрбит сураҕын истэн, Ноеминь икки кийиитин кытта дойдутугар төннөр буолбута. 7Ноеминь айаҥҥа туруммута, кийииттэрэ эмиэ барсыбыттара. Иудеялыыр суолунан иһэн, 8Ноеминь кинилэргэ эппитэ: «Кэбис, эһиги дьиэҕитигэр, хаан-уруу дьоҥҥутугар төннүҥ. Өлбүт эргитигэр уонна миэхэ урут хайдах амарахтык сыһыаннаспыккытый да, АЙЫЫ ТОЙОН эһиэхэ эмиэ ол курдук сыһыаннастын. 9АЙЫЫ ТОЙОН эһиэхэ, саҥа эрдэнэн, дьиэлээх-уоттаах, дьоллоох-соргулаах буоларгытыгар көмөлөстүн». Итиэннэ быраһаайдаһан, иккиэннэрин уураан ылбыта.
Кийииттэрэ марылаччы ытаһа-ытаһа: 10«Суох, биһиги эйигинниин эн дьоҥҥор барсабыт!» – дэспиттэрэ.
11«Кыргыттарыам, төннүҥ, – диэбитэ Ноеминь. – Миигин кытта тоҕо барсаҕытый? Ол мин аны кэлэн эһигини ойох ылар уолаттары төрөтүөм үһү дуо?#1:11 Ол мин аны кэлэн эһигини ойох ылар уолаттары төрөтүөм үһү дуо? – Былыр Израильга ини-биилэртэн биирдэстэрэ уол оҕону хаалларбакка өлбүт буоллаҕына, кини бииргэ төрөөбүт убайа эбэтэр инитэ ол киһи огдооботун ойох ылыахтааҕа. Оччоҕо кинилэр бастакы уол оҕолоро өлбүт киһи оҕотунан ааҕыллара, онон бокуонньук аата Израильга сүппэтэ. 12Төннүҥ, кыргыттарыам, мин кырыйдым, аны эргэ тахсар кыаҕым суох. Арай миэхэ эрэл кыыма өссө да баар диэн, бу киэһэ эргэ тахсан уолаттары төрөтөр буолуум. 13Ама эһиги ол уолаттар улааталларын кэтэһиэххит этэ дуо? Эбэтэр тиэтэйбэккэ, кинилэри кэтэһэн эргэ тахсыбакка хаалыа этигит дуу? Кэбис, кыргыттарыам, АЙЫЫ ТОЙОН уордайан миигин утары турда, онон мин эһигини олус аһынабын».
14Кийииттэрэ итини истэн, эмиэ ытаспытынан барбыттара. Онтон Орфа ийэ хотунун кытта бырастыылаһан, кинини уураан ылбыта, Руфь буоллаҕына дьонугар төттөрү барартан кыккыраччы аккаастанан кэбиспитэ.
15Ноеминь кийиитигэр: «Көр, бэргэниҥ дьонугар-сэргэтигэр, таҥараларыгар төннөр буолла, эн эмиэ кинини кытта барыс», – диэбитэ.
16Руфь ийэ хотунугар эппитэ: «Миигин эйигин быраҕан барарга, дойдубар төннөргө күһэйимэ. Эн ханна бараҕын да, мин эмиэ онно барыам. Эн ханна хаалаҕын да, мин эмиэ онно хаалыам. Онон эн норуотуҥ мин норуотум буолуо, эн Таҥараҥ мин Таҥарам буолуо. 17Эн ханна өлөҕүн да, мин эмиэ онно өлүөм, аттыгар көмүллүөм. АЙЫЫ ТОЙОН миигин хайдах да дьарыйдын, биһигини өлөр өлүү эрэ араарыаҕа». 18Руфь барсарга бигэтик санаммытын көрөн, Ноеминь салгыы ааттыы сатаабатаҕа.
19Онон иккиэн бииргэ айаннаан Вифлеемҥэ тиийэн кэлбиттэрэ. Кинилэр кэлиилэрэ куоракка улахан аймалҕаны таһаарбыта. Дьахталлар: «Айыбыын, ама ити Ноеминь буолуо дуо?» – дэһэллэрэ.
20Ноеминь дьахталларга этэрэ: «Сүдү Күүстээх#1:20 Сүдү Күүстээх – дьэбириэйдии «Шаддай». Таҥара ааттарыттан биирдэстэрэ. миэхэ ыар аһыыны амсатта. Аны эһиги миигин Ноеминь диэмэҥ, Мара#1:20 Ноеминь... Мара – дьэбириэй тылыгар Ноеминь диэн аат «ис киирбэх», оттон Мара диэн аат «аһыы-кутуу» диэн суолталаахтар. диэҥ. 21Урут мантан барарбар миэхэ туох барыта баара, оттон билигин АЙЫЫ ТОЙОН миигин кураанах төнүннэрдэ. АЙЫЫ ТОЙОН эрэйи эҥээрбинэн тэллэрдэ, Сүдү Күүстээх ыар кыһалҕаны миэхэ биллэрдэ. Хайаан аны миигин Ноеминь диэн ааттыаххытый?»
22Ити курдук Ноеминь Моав сириттэн дойдутугар Моав кыыһа кийиитинээн Руфьтуун бииргэ кэлбиттэрэ. Кинилэр Вифлеемҥэ кэлэллэригэр нэчимиэн быһыыта саҥа саҕаланан эрэрэ.

Pilihan Saat Ini:

Руфь 1: СБК

Sorotan

Berbagi

Salin

None

Ingin menyimpan sorotan di semua perangkat Anda? Daftar atau masuk