Эсфирь 10

10
Мардохей кыайыыта
1Оттон Ахашверош ыраахтааҕы дойдутун иһинээҕи да, муора кытылынааҕы да уобаластарыгар саҥа түһээни киллэрбитэ. 2Кини бары килбиэннээх, албан ааттаах дьайыылара уонна ыраахтааҕы Мардохейы хайдах курдук муҥутуурдук үрдэппитин туһунан кэпсээн Мидия, Персия ыраахтааҕыларын кэрдиис кэмнэрин үйэтитэр кинигэҕэ толору суруллубута.
3Иудей Мардохей Ахашверош ыраахтааҕы кэнниттэн судаарыстыба иккис тутаах тойоно буолбута. Иудейдар улуу киһилэрэ, аата-ахса биллибэт биир уустаахтарын тапталын ылбыт Мардохей, норуотугар үтүөнү оҥорорго дьулуһара, хаан-уруу омугун дьонун бука барыларын көмүскүүрэ.

Tällä hetkellä valittuna:

Эсфирь 10: СБК

Korostus

Jaa

Kopioi

None

Haluatko, että korostuksesi tallennetaan kaikille laitteillesi? Rekisteröidy tai kirjaudu sisään