1
Иоанн 12:26
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Ким Миэхэ сулууспалыыр, ол Миигин батыстын; Мин ханна баарбын да, кини эмиэ онно буолуоҕа; Миэхэ сулууспалыыр киһини Мин Аҕам үрдүктүк тутуоҕа».
مقایسه
Иоанн 12:26 را جستجو کنید
2
Иоанн 12:25
Олоҕун таптыыр киһи олоҕун сүтэриэҕэ, оттон бу дойдутааҕы олоҕун абааһы көрөр киһи олоҕун бараммат олоххо анаан быыһыаҕа.
Иоанн 12:25 را جستجو کنید
3
Иоанн 12:24
Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: сэлиэһинэй туораҕа буорга түһэн баран өлбөтөҕүнэ, соҕотоҕун хаалар; оттон өллөҕүнэ, элбэх аһы биэрэр.
Иоанн 12:24 را جستجو کنید
4
Иоанн 12:46
Биир да Миигин итэҕэйэр киһи хараҥаҕа хаалбатын туһугар, Мин, сырдык, бу аан дойдуга кэлбитим.
Иоанн 12:46 را جستجو کنید
5
Иоанн 12:47
Оттон ким эмэ Мин этэр тылбын истэн баран, итэҕэйбэт буоллаҕына, кинини дьүүллээбэппин: Мин бу дойдуну, дьүүллүү буолбакка, быыһыы кэлбитим.
Иоанн 12:47 را جستجو کنید
6
Иоанн 12:3
Мария ыраас нард үчүгэй сыттаах биир муунта күндү арыытынан Иисус атаҕын аҕаан баран, баттаҕынан соппута; дьиэ иһин бүтүннүү ол арыы сытынан сайбыта.
Иоанн 12:3 را جستجو کنید
7
Иоанн 12:13
пальма лабааларын туппутунан Кинини көрсө тахсыбыттара. Кинилэр: «Осанна! Израиль Ыраахтааҕыта, Айыы Тойон аатыгар кэлэн иһээччи алгыстаах!» – диэн хаһыытаһаллара.
Иоанн 12:13 را جستجو کنید
8
Иоанн 12:23
«Киһи Уола килбиэнин көрдөрөр кэмэ кэллэ, – диэбитэ Иисус кинилэргэ.
Иоанн 12:23 را جستجو کنید
خانه
كتاب مقدس
برنامههای مطالعه
ویدیوها