Иоанн 8

8
1Иисус Елеон хайатыгар барбыта.
Көссүүлэһэн тутуллубут дьахтар
2Сарсыарда эмиэ эрдэ Таҥара Дьиэтигэр кэлбитигэр норуот бүттүүнэ Киниэхэ тиийбитэ. Иисус олорон эрэ кэлбит дьону үөрэппитэ. 3Бу кэмҥэ сокуонньуттар уонна фарисейдар көссүүлэһэн тутуллубут дьахтары Киниэхэ аҕалан, ортолоругар туруоран баран: 4«Үөрэтээччи! Бу дьахтар көссүүлэһэн тутулунна, – диэбиттэрэ. – 5Моисей бэйэтин Сокуонугар манныктары тааһынан тамнаан өлөрөргө соруйбута. Оттон Эн туох диигин?» 6Кинилэр Иисуһу буруйдуур сылтах көрдөөн, үтэн-анньан көрөн итинник эппиттэрэ.
Иисус кинилэргэ кыһаллыбакка#8:6 Кинилэргэ кыһаллыбакка – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. умса нөрүйэн, тарбаҕынан сиргэ тугу эрэ суруйа олорбута. 7Онтон арахпакка ыйыппыттарыгар төбөтүн өндөтөн эппитэ: «Эһигиттэн хайаҕыт аньыыта суох бастакынан кинини тааһынан бырахтын». 8Итиэннэ эмиэ төҥкөйөн, суруйбутунан барбыта.
9Маны истэн кинилэр суобастара оонньоон, улаханныын-аччыгыйдыын биир-биир тарҕаһан хаалбыттара; соҕотох Иисус уонна ортоку турбут дьахтар эрэ хаалбыттара#8:9Сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Маны истэн кинилэр биир-биир тарҕаспыттара, бастакынан саамай аҕа саастаахтара барбыттара. Иисус уонна Кини иннигэр турар дьахтар иккиэйэҕин хаалбыттара»..
10Иисус төбөтүн өндөтөн, дьахтартан ураты атын ким да суоҕун көрөн#8:10 Дьахтартан ураты атын ким да суоҕун көрөн – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. Буруйдааччыларыҥ ханналарый? – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Бары ханна бардылар?»: «Буруйдааччыларыҥ ханналарый? Ким даҕаны эйигин дьүүллээбэтэ дуо?» – диэн ыйыппыта.
11«Ким даҕаны, Тойонуом», – дьахтар хоруйдаабыта.
«Мин эмиэ эйигин дьүүллээбэппин, – диэбитэ Иисус. – Чэ, дьиэҕэр бар уонна аны аньыыны оҥорума».
Аан дойду сырдыга
12Иисус эмиэ норуокка туһаайан эппитэ: «Мин аан дойду сырдыгынабын. Ким Миигин батыспыт, ол хараҥаҕа сылдьыа суоҕа, олох сырдыгар сылдьыаҕа».
13Маны эппитигэр фарисейдар: «Эн Бэйэҕин Бэйэҥ туоһуланаҕын, онон туоһуҥ дьиҥэ суох», – диэбиттэрэ.
14Иисус эппитэ: «Өскөтүн Бэйэм туспунан Бэйэм туоһулуур да буоллахпына, Мин туоһум дьиҥнээх, тоҕо диэтэххэ, Мин хантан кэлбиппин уонна ханна баран иһэрбин билэбин; оттон эһиги Мин хантан кэлбиппин да, ханна баран иһэрбин да билбэккит. 15Эһиги дьон куолутунан дьүүллүүгүт, оттон Мин кими да дьүүллээбэппин. 16Өскөтүн дьүүллүүр да буоллахпына, Мин дьүүлүм дьиҥнээх: Мин соҕотох буолбатахпын, Миигин Ыыппыт Аҕам Миигин кытта баар. 17Оттон эһиги Сокуоҥҥутугар икки киһи туоһута дьиҥнээх туоһу диэн суруллан сылдьар. 18Бэйэм туспунан Мин Бэйэм туоһулуубун, итиэннэ Миигин ыыппыт Аҕам эмиэ Мин туспунан туоһулуур».
19Маныаха Киниттэн: «Аҕаҥ ханна баарый?» – диэн ыйыппыттара.
«Эһиги Миигин да, Аҕабын да билбэккит. Миигин билэргит эбитэ буоллар, Аҕабын эмиэ билиэ этигит», – диэбитэ Иисус.
20Кини бу тыллары Таҥара Дьиэтигэр харчы угар иһиттэр турар сирдэрин аттыгар үөрэтэ олорон эппитэ. Кэмэ кэлэ илик буолан, ким даҕаны Кинини тутан ылбатаҕа.
Мин барар сирбэр эһиги кыайан тиийбэккит
21Иисус кинилэргэ өссө төгүл эппитэ: «Мин сотору барабын. Эһиги Миигин көрдөөҥҥүт да, син биир аньыылаах өлүөххүт. Мин барар сирбэр эһиги кыайан тиийбэккит».
22Иудей тойотторо маны истэн: «Ама Бэйэтигэр тиийинээри гынара буолуо дуо? – дэспиттэрэ. – Тоҕо Мин барар сирбэр эһиги кыайан тиийбэккит диирий?»
23Иисус кинилэргэ эппитэ: «Эһиги алларааҥҥылартан, оттон Мин үөһээҥҥилэртэн буолабын. Эһиги бу дойду дьоноҕут, оттон Мин бу дойду буолбатахпын. 24Ол иһин аньыылаах-харалаах өлүөххүт диэн эттим. Өскөтө бу Мин буоларбын итэҕэйбэтэххитинэ, эһиги аньыылаах өлүөххүт».
25«Эн кимҥиний?» – диэн ыйыппыттара кинилэр.
Иисус эппитэ: «Эһиэхэ этэрим курдук, Мин аан бастааҥҥыттан баарбын#8:25 Мин аан бастааҥҥыттан баарбын – эбэтэр «Мин киммин эһиэхэ хара маҥнайгыттан эппитим».. 26Эһиги тускутунан элбэҕи этиэм да, дьүүллүөм да этэ; ол эрээри Кини – Миигин Ыыппыт – кырдьыгы эрэ этэр, онон Мин Киниттэн тугу истибиппин бу дойдуга этэбин».
27Кини Аҕатын туһунан этэрин өйдөөбөтөхтөрө. 28Ол иһин эппитэ: «Киһи Уолун үөһэ таһаардаххытына, бу Мин буоларбын итиэннэ Бэйэбиттэн тугу да оҥорбоппун, Аҕам үөрэппитин курдук этэрбин билиэххит. 29Миигин Ыыппыт Аҕам Миигин кытта бииргэ баар. Мин өрүүтүн Кини сөбүлүүрүн эрэ оҥорорум иһин, Аҕам Миигин хаһан да соҕотохтуу хаалларбат». 30Маны эппитигэр элбэх киһи Кинини итэҕэйбитэ.
Көҥүл дьон уонна кулуттар
31Оттон итэҕэйбит иудейдарга Кини эппитэ: «Мин тылбыттан тахсыбат буоллаххытына, эһиги дьиҥ чахчы Мин үөрэнээччилэрим буолаҕыт. 32Эһиги кырдьыгы билиэххит, оччоҕо кырдьык эһигини босхолуо».
33«Биһиги Авраам удьуордарынабыт, – диэн хардарбыттара, – хаһан да кимиэхэ да кулут буолбатахпыт. Оччоҕо Эн тоҕо босхолонуоххут диигиний?»
34Иисус кинилэргэ эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: аньыыны оҥорор киһи барыта – аньыы кулута. 35Ол гынан баран кулуттара ыал дьиэтигэр куруук олорбот, уоллара үйэ тухары олорор. 36Онон эһиги, Уола босхолоотоҕуна эрэ, дьиҥнээхтик көҥүл буолуоххут. 37Эһиги Авраам удьуордара буоларгытын Мин билэбин. Ол эрээри эһиги Мин этэр тылбын ылыммат буолаҥҥыт, Миигин өлөрөр сылтаҕы көрдүүгүт. 38Мин Аҕабар тугу көрбүппүн эһиэхэ кэпсиибин; оттон эһиги эмиэ бэйэҕит аҕаҕытыгар тугу көрбүккүтүн#8:38 Тугу көрбүккүтүн – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «тугу истибиккитин». – ону оҥороҕут».
Эһиги аҕаҕыт – адьарай
39«Биһиги аҕабыт – Авраам!» – диэбиттэрэ кинилэр.
Иисус эппитэ: «Эһиги Авраам оҕолоро эбиккит буоллар, Авраам суолунан сылдьыа этигит. 40Билигин эһиги Миигин, Таҥараттан истибит кырдьыкпын эһиэхэ эппиппэр өлөрөөрү гынаҕыт. Авраам итинник быһыыламмат этэ. 41Эһиги бэйэҕит аҕаҕыт курдук быһыыланаҕыт».
Бу тыллары истэн: «Биһиги булумньу оҕолор буолбатахпыт! – диэбиттэрэ. – Биир Аҕалаахпыт, биһиги Аҕабыт – Таҥара!»
42Иисус эппитэ: «Таҥара эһиги Аҕаҕыт эбитэ буоллар, эһиги Миигин, Таҥараттан кэлбитим уонна билигин манна баарым иһин, таптыа этигит. Мин Бэйэм көҥүлбүнэн кэлбэтэҕим – Кини Миигин ыыппыта. 43Мин этэрбин тоҕо өйдөөбөккүтүй? Кыайан истибэккит, ол иһин өйдөөбөккүт. 44Адьарай аҕалаах буолаҥҥыт, кини баҕатын толоруоххутун баҕараҕыт, оттон кини хара маҥнайгыттан өлөрүөхсүт этэ. Кырдьык диэн киниэхэ суох, онон кини кырдьыкка тирэҕирбэтэҕэ. Сымыйаны этэригэр, бэйэтин киэнин этэр: кини сымыйаччытын ааһан, өссө сымыйа аҕата буолар. 45Оттон Мин кырдьыгы этэрбин эһиги итэҕэйбэккит. 46Эһигиттэн хайаҕыт эмэ Мин аньыыны оҥорбуппун саралыа дуо? Кырдьыгы этэр буоллахпына, тоҕо Миигин итэҕэйбэккитий? 47Таҥара киһитэ Таҥара тылын истэр – эһиги Таҥара дьоно буолбатах буолаҥҥыт, истибэккит».
Иисус Христос уонна Авраам
48Маны эппитигэр иудейдар: «Эн Самария киһитинэҕин#8:48 Самария киһитинэҕин – еврей киһитин маннык этии үөҕүүгэ тэҥнэһэрэ., искэр абааһы киирбит диэн, биһиги кырдьыгы этэр буолбаппыт дуо?» – диэбиттэрэ.
49Иисус эппитэ: «Мин испэр абааһы суох. Мин Аҕабын ытыктыыбын, оттон эһиги Миигин холуннараҕыт. 50Ол эрээри Мин Бэйэбэр албан ааты көрдөөбөппүн: Көрдөөччү уонна Дьүүллээччи Атын. 51Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин этэр тылбын толорор киһи хаһан да өлүө суоҕа».
52«Эн искэр абааһы киирбитин билигин дьэ биллибит! – иудейдар өрүкүнэспиттэрэ. – Авраам өлбүтэ, пророктар эмиэ өлбүттэрэ, Эн буоллаҕына „Мин тылбын толорор киһи өлөр өлүү диэни хаһан да билиэ суоҕа“ диигин. 53Ама Эн биһиги өлбүт аҕабытынааҕар Авраамнааҕар улахан үһүгүн дуо? Пророктар эмиэ өлбүттэрэ. Бу аата Бэйэҕин Киммин дэнэҕин?»
54Иисус эппитэ: «Мин Бэйэбин Бэйэм албан аатырдынарым эбитэ буоллар, ол кураанах албан аат буолуо этэ; ол гынан баран Миигин Аҕам албан аатырдар, оттон эһиги Кинини „биһиги Таҥарабыт“ диэн ааттыыгыт. 55Эһиги Кинини хаһан да билбэтэххит, оттон Мин Кинини билэбин. Билбэппин диирим буоллар, эмиэ эһиэхэ дылы сымыйаччы буолуом этэ. Ол эрээри Мин Кинини билэбин уонна Кини этэр тылын тутуһабын. 56Авраам, эһиги аҕаҕыт, Мин күммүн көрөн үөрүөн баҕарбыта, итиэннэ көрөн баран үөрбүтэ даҕаны!»
57Бу тыллары истэн иудейдар: «Эн өссө биэс уоҥҥун да туола иликкин, уонна Авраамы көрбүт үһүгүн дуо?» – дэспиттэрэ.
58«Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – Мин, Авраам төрүөн инниттэн, баарбын». 59Маны эппитигэр иудейдар Кинини быраҕаары, таас ылбыттара, онуоха Кини биллибэккэ быыстарынан ааһан, Таҥара Дьиэтиттэн тахсан салгыы бара турбута#8:59 Быыстарынан ааһан, Таҥара Дьиэтиттэн тахсан салгыы бара турбута – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Таҥара Дьиэтиттэн баран хаалбыта»..

Zur Zeit ausgewählt:

Иоанн 8: СБК

Markierung

Teilen

Kopieren

None

Möchtest du deine gespeicherten Markierungen auf allen deinen Geräten sehen? Erstelle ein kostenloses Konto oder melde dich an.