Эсфирь 3
3
Аман Мардохейга уордайар
1Ити кэнниттэн төһө эрэ кэм буолан баран Ахашверош ыраахтааҕы Агаг#3:1 Агаг – амалик ыраахтааҕыта, дьэбириэй норуотун кыр өстөөҕө. удьуора Амадаф уолун Аманы, өрө тутан, атын бары тойотторуттан чорботон, бэйэтин аттыгар саамай үрдүк олбоххо олордубута. 2Дыбарыас олбуорун аанын аттыгар үлэлээх дьон бука бары Аман иннигэр сөһүргэстээн туран сиргэ тиийэ сүгүрүйэллэрэ – ыраахтааҕы дьаһала оннуга. Арай Мардохей эрэ Аман иннигэр сөһүргэстээбэт, кини атаҕар үҥпэт этэ.
3Дыбарыас олбуорун аанын аттыгар баар үлэһиттэр Мардохейы: «Ыраахтааҕы дьаһалын эн тоҕо кэһэҕиний?» – диэн сэмэлииллэрэ. 4Итинник күн аайы этэллэрэ да, Мардохей истибэт этэ. Дьэ ол иһин кинилэр, тылын төһө бигэтик тутуһарын билээри (ол дьоҥҥо иудейбын диэн этэн турара), барытын Амаҥҥа кэпсээн биэрбиттэрэ.
5Аман, Мардохей кини иннигэр сөһүргэстээбэтин, сиргэ умса түһэн сүгүрүйбэтин иһин, улаханнык өһүрэ санаабыта. 6Ол эрээри Мардохейы эрэ өлөрөрү тутах дии санаан, кини ханнык омуктан төрүттээҕин истибит буолан, Мардохей норуотун бүттүүнүн, Ахашверош саарыстыбатыгар баар иудейдары, имири эһэргэ санаммыта.
7Ахашверош ыраахтааҕы салайбыта уон иккис сылын бастакы нисан ыйыгар, ити норуоту суох оҥорорго ханнык күн табыгастааҕын билээри, Аман көрөн турдаҕына, хас биирдии күнү, ыйы, уон иккис адар ыйга диэри ыйытан «пур» – түөрэх, кэбиспиттэрэ.
Иудейдары кыргар туһунан ыйаах
8Дьэ ити кэнниттэн Аман Ахашверош ыраахтааҕыга эппитэ: «Эн саарыстыбаҥ бары уобаластарынан тарҕанан олорор эрээри, атын омуктартан туора туттар адьынаттаах норуот баар. Ол дьон сокуона бары норуоттар сокуоннарыттан чыҥха атын, өссө аһара баран кинилэр ыраахтааҕы сокуоннарын толорботтор. Ыраахтааҕы ону кытта эйэлэһэрэ табыллыбат. 9Онон кини сөптөөх диир буоллаҕына, ол омугу кырган кэбиһэр туһунан ыйааҕы таһаардын, оччоҕо ыраахтааҕы хааһынатын үлэһиттэрэ миигиттэн уон тыһыынча талант#3:9 Талант – былыргы дьэбириэйдэргэ 30 киилэҕэ тэҥнээх ыйааһын мээрэйэ. үрүҥ көмүһү ылыахтара».
10Ыраахтааҕы бэчээттээх биһилэҕин тарбаҕыттан устан ылан Агаг удьуора Амадаф уолугар, иудейдар өстөөхтөрүгэр Амаҥҥа биэрбитэ. 11Кини Амаҥҥа: «Көмүскүн бэйэҕэр хааллар, оттон ол омугу хайдах гынарыҥ көҥүлүҥ», – диэбитэ.
12Дьэ, онтон маҥнайгы ый уон үһүс күнүгэр ыраахтааҕы суруксуттарын ыҥыран ылан ыйаах таһаарбыта. Чопчу Аман дьаһайбытын курдук, туох баар баһылыктарга, бары уобаластар салайааччыларыгар, бары норуоттар тойотторугар, уобалас ахсын кинилэр суруктарынан-бичиктэринэн, хас биирдии норуокка ол норуот тылынан илдьит суруйан ыыппыттара. Ыйаах Ахашверош ыраахтааҕы аатыттан суруллан баран кини бэчээтинэн бигэргэтиллибитэ. 13Быһый атахтаах илдьиттэр эдэриттэн-эмэниттэн, оҕотуттан-дьахтарыттан тутулуга суох иудейдары бука барыларын биир күн, уон иккис ый, ол аата адар ый, уон үһүс күнүгэр имири эһэр, олох кырган кэбиһэр, төрдүттэн суох оҥорор, баайдарын-дуолларын талаан ылар туһунан дьаһал суругу ыраахтааҕы бас билэр сиригэр барытыгар тарҕаппыттара. 14Ол күнү көрсөргө ким барыта бэлэм буоларын туһугар, сокуон күүһүн ылбыт суругу устан ылан бары уобаласка, бары норуокка иһитиннэриэх тустаахтара. 15Онон кинилэр ыраахтааҕы дьаһалынан суһал айаҥҥа туруммуттара. Ыйааҕы бөҕөргөтүнүүлээх Сузы куоракка доргуччу иһитиннэрбиттэрэ. Дьэ ол дьоро күнү бэлиэтээн, ыраахтааҕы Аманныын иккиэн арыгы испиттэрэ. Оттон Сузы куорат айманан-сайманан барбыта.
دیاریکراوەکانی ئێستا:
Эсфирь 3: СБК
بەرچاوکردن
هاوبەشی بکە
لەبەرگرتنەوە
دەتەوێت هایلایتەکانت بپارێزرێت لەناو ئامێرەکانتدا> ? داخڵ ببە
© Институт перевода Библии, 2008-2022