YouVersion Logo
Search Icon

Саалтыр 26

26
1Давид псалома.
Айыы Тойон – олоҕум сырдыга, мин Быыһааччым;
кимтэн мин куттаныамый?
Айыы Тойон – халыҥ хаххам, суон дурдам;
кимтэн мин дьулайыамый?
2Өһөгөйдөөхтөр, миэхэ кимэн киирдэхтэринэ,
күөмчүлээччилэрим уонна өстөөхтөрүм,
тыыннаахтыы ыйыстыахтарын баҕардахтарына,
бэйэлэрэ бүдүрүйэн охтуохтара.
3Халыҥ сэрии да миигин утары саба халыйан кэллэҕинэ,
сүрэҕим онтон эймэнийиэ суоҕа;
уот сэрии да миигин утары өрө күөдьүйдэҕинэ,
онно даҕаны мин эрэлбин энчирэтиэм суоҕа.
4Биири мин Айыы Тойонтон көрдөһөрүм,
биири эрэ көрдүүбүн:
олоҕум устатын тухары
Айыы Тойон Дьиэтигэр олорорбун,
Айыы Тойон кэрэ килбиэнин көрөрбүн,
Кини Храмыгар сылдьарбын.
5Оччоҕо алдьархай ааҥныыр күнүгэр
Бэйэтин хаххатыгар Кини миигин кистиэҕэ,
олорор Отуутугар саһыарыаҕа,
очуос оройугар таһаарыаҕа.
6Оччоҕо мин иилээн турар өстөөхтөрбүн
үөһэттэн өрөгөйдүү көрүөҕүм,
Кини ытык Отуутугар киирэммин, үөрэ-көтө,
Киниэхэ сиэртибэ биэриэҕим;
Айыы Тойону туойуоҕум, айхал ырыатын ыллыаҕым.
7Иһит, Айыы Тойон, мин үөгүлүүр саҥабын,
аһын-харыһый миигин, иһит Эйигин ыҥырарбын.
8Сүрэхпэр: «Миигин көрдөөҥ», – диэн,
Эн этэриҥ иһиллэр.
Мин Эйигин көрдүөм, Айыы Тойон.
9Миигиттэн киэр хайыһыма.
Оо, уордайан кулуккун киэр анньыма,
Эн миэхэ өрүү көмөлөһөрүҥ эбээт;
быраҕыма миигин, хаалларыма,
Айыы Таҥара, Быыһааччым миэнэ!
10Аҕалаах ийэм миигин хаалларбыттарын да иһин,
Айыы Тойон мин туспар кыһаллыаҕа.
11 Айыы Тойон, миигин үөрэт Бэйэҥ суолгар,
көнө суолунан сирдээ өстөөхтөрүм тустарыгар.
12Утарсааччыларым көҥүллэригэр биэримэ;
ити сымыйа туоһулар миигин утары турдулар,
өһүнэн-сааһынан уһуурдулар.
13Ол эрэн, мин Айыы Тойон үтүө сыһыанын
бу тыыннаахтар сирдэригэр көрүөм диэн итэҕэйэбин.
14Эрэн Айыы Тойоҥҥо; эрдий, эр сүрэхтэн,
эрэн Айыы Тойоҥҥо.

Currently Selected:

Саалтыр 26: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in