Аман өһө 27
27
1Сарсыҥҥы күҥҥүнэн киһиргэнимэ,
сарсын эйигин туох күүтэрин эн билбэккин.
2Бэйэҕин хайҕаныма – атыттар хайҕаатыннар,
үтүөҕүн кэпсэнимэ – атыттар кэпсээтиннэр.
3Сымара таас ыарахан, кумах эмиэ чэпчэкитэ суох,
ол эрээри акаары эрэйдиирэ туохтан да ыарахан.
4Уордаах киһи дьулаан, киҥнээх киһи суостаах,
ол эрээри күнүүһүт барыларыттан кутталлаах.
5Алҕаһаабыты аһаҕастык көннөрөр ордук,
саҥарбатаххына, аахайбат дии саныаҕа.
6Таптыыр киһи сэмэлиирдиин истиҥ,
абааһы көрөөччү ууруурдуун албын.
7Тот киһи мүөтү да тэпсэр,
оттон аччык аһыыны да минньигэһиргэтэр.
8Төрөөбүт сириттэн-уотуттан тэлэһийэн сылдьар киһи
уйатын быраҕан барбыт көтөр кэриэтэ.
9Үчүгэй сыттаах күндү арыы дууһаҕын дуоһутар,
истиҥ доҕоруҥ үтүө сүбэтэ сүрэххин үөрдэр#27:9 Былыргы еврей тылынан суруллубут тиэкис бу кэрчигин ис хоһооно чуолкайа суох..
10Доҕотторгун, аҕаҥ доҕорун быраҕыма, кыһалҕалаах күҥҥэр аймахтаргар барыма,
ыраах баар аймаххынааҕар чугас олорор ыалыҥ эйиэхэ ордук көмөлөһүөҕэ.
11Уолум, муударай киһи буолан сүрэхпин үөрт,
оччоҕо миигин атаҕастааччыларга мин хардарар кыахтаныам.
12Өйдөөх киһи алдьархай ааҥнаан эрэрин көрдөҕүнэ, саһар,
оттон кэнэн иннин хоту баран киирэн биэрэр.
13Атын киһи туһугар илии охсустаххына, соҥҥун устуохтара,
туора киһи туһугар тылгын биэрдэххинэ, солуок тутуохтара.
14Тыҥ эрдэ туран ыалын алҕаан уһугуннарааччыны
хара сарсыардаттан кыраабыкка холуйуохтара.
15Тыллаах дьахтар астыбат ардах кэриэтэ –
начааскыга да намыраан ылбат.
16Хайдах гынан кинини тохтотуоҥуй?
Эн тыалы-кууһу тохтотор, мас арыытын ытыскар ыбылы тутар кыахтааххын дуо?#27:16 Былыргы еврей тылынан суруллубут тиэкис бу кэрчигин ис хоһооно чуолкайа суох.
17Тимири тимир сытыылыыр,
киһини киһи үөрэтэр.
18Астаах маһын көрөр-харайар киһи маһын аһыттан амсайыаҕа,
тойонун харыстыыр киһи ытыктабылга сылдьыаҕа.
19Ууга төҥкөйөн, киһи дьүһүнүн көрүнэр,
оттон сүрэҕин болҕойон, ис дьиҥин билинэр.
20Анараа дойду кудуга хаһан да туолбатын курдук,
киһи хараҕа эмиэ туохха да туолбат.
21Үрүҥ көмүһү – тиигэл, кыһыл көмүһү – кыһа,
оттон киһини хайҕал тургутар.
22Акаарыны төһө да кэлиигэ уган бурдугу кытта бииргэ мэлий –
акаарыта араҕыа суоҕа.
23Сүөһүгүн-аскын үчүгэйдик көр,
барааннарыҥ үөрүн кыһаллан манаа;
24баай-дуол киһиэхэ куруук баар буола турбат.
Бэл ыраахтааҕы хоруоната удьуоруттан удьуоругар бэриллэн испэт.
25Ходуһаҕын оттоон баран, кэнчээрилиэр диэри,
аны томтор сиргин оттоо.
26Барааннарыҥ түүтүн таҥас гынан таҥын,
козелларгын атыылаан, сирдэ-уотта атыылас.
27Козаҥ үүтэ бэйэҥ иһэргэр,
дьиэ кэргэҥҥин, чаҕар дьахталларгын аһатаргар сөрү-сөп тиийиэҕэ.
Currently Selected:
Аман өһө 27: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022