YouVersion Logo
Search Icon

Матфей 1

1
Иисус Христос төрүттэрэ
1 Давидтаах Авраам удьуордарын Иисус Христос төрдө-ууһа:
2Авраам Исаагы төрөппүтэ, Исаак Иаковы төрөппүтэ, Иаков Иуданы уонна кини бырааттарын төрөппүтэ;
3Иуда Фамарьтан Фареһы уонна Зараны төрөппүтэ, Фарес Есрому төрөппүтэ, Есром Арамы төрөппүтэ;
4Арам Аминадавы төрөппүтэ, Аминадав Наассону төрөппүтэ, Наассон Салмону төрөппүтэ;
5Салмон Рахаваттан Воозу төрөппүтэ, Вооз Руфьтан Овиды төрөппүтэ, Овид Иессейи төрөппүтэ;
6Иессей Давид ыраахтааҕыны төрөппүтэ,
Давид ыраахтааҕы Урияҕа эргэ бара сылдьыбыт дьахтартан Соломону төрөппүтэ#1:6 Урияҕа эргэ бара сылдьыбыт дьахтар – Вирсавия (Батшева). 2 Цар 11:26-27; 12:10, 15.;
7Соломон Ровоамы төрөппүтэ, Ровоам Авияны төрөппүтэ, Авия Асаны#1:7 Аса – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Асаф». төрөппүтэ;
8Аса Иосафаты төрөппүтэ, Иосафат Иорамы төрөппүтэ, Иорам Озияны төрөппүтэ;
9Озия Иоафамы төрөппүтэ, Иоафам Ахаһы төрөппүтэ, Ахаз Езекияны төрөппүтэ;
10Езекия Манассияны төрөппүтэ, Манассия Амону#1:10 Амон – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Амос». төрөппүтэ, Амон Иосияны төрөппүтэ;
11Иосия Иоакимы төрөппүтэ, Иоаким#1:11 Иоакимы төрөппүтэ, Иоаким – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. Иехонияны уонна кини бырааттарын төрөппүтэ. Бу – Израиль норуота Вавилоҥҥа көһөрүллүөн иннинээҕи көлүөнэлэрэ.
12Вавилоҥҥа көһүү кэнниттэн Иехония Салафиилы төрөппүтэ, Салафииль Зоровавелы төрөппүтэ;
13Зоровавель Авиуду төрөппүтэ, Авиуд Елиакимы төрөппүтэ, Елиаким Азору төрөппүтэ;
14Азор Садогу төрөппүтэ, Садок Ахимы төрөппүтэ, Ахим Елиуду төрөппүтэ;
15Елиуд Елеазары төрөппүтэ, Елеазар Матфаны төрөппүтэ, Матфан Иаковы төрөппүтэ;
16Иаков Мария кэргэнин Иосибы төрөппүтэ, оттон Марияттан Христос диэн ааттаммыт Иисус төрөөбүтэ.
17Онон Авраамтан Давидка диэри барыта уон түөрт көлүөнэ, Давидтан Вавилоҥҥа көһүүгэ диэри эмиэ уон түөрт көлүөнэ, онтон Вавилоҥҥа көһүүттэн Христоска диэри эмиэ уон түөрт көлүөнэ.
Иисус Христос төрөөһүнэ
18Иисус Христос бу курдук төрөөбүтэ.
Кини Ийэтэ Мария, Иосибы кытта илии охсуһан баран бииргэ олорбокко сылдьан, Сибэтиэй Тыынтан ыарахан буолбута. 19Кэргэн тахсыахтаах киһитэ Иосиф үтүө санаалаах буолан, сурах-садьык тарҕамматын диэн, сөбүлэһиилэрин көтүрэн, Кинини кистэлэҥинэн ыытан кэбиһиэн баҕарбыта. 20Оннук санаммытыгар Айыы Тойон Аанньала түүлүгэр киирэн эппитэ: «Давид уола Иосиф! Марияны кэргэн ыларгыттан куттаныма: Марияҕа Сибэтиэй Тыынтан оҕо үөскээбитэ. 21Кини Уол Оҕону төрөтүөҕэ, оччоҕо Оҕоҕо Иисус#1:21 Иисус (грек.) – Иешуа (евр. Айыы Тойон быыһыыр). диэн ааты биэриэҥ, тоҕо диэтэххэ Кини норуотун аньыыттан-хараттан быыһыаҕа».
22-23Бу барыта Айыы Тойон: «Көр бу, Ыраас Кыыс ыарахан буолан Уол оҕону төрөтүөҕэ; Киниэхэ „Эммануил“ („Таҥара биһигинниин“) диэн ааты биэриэхтэрэ», – диэн пророгунан этиппит тылларын туолуута этэ.
24Иосиф уутуттан уһуктан баран, Айыы Тойон Аанньала эппитин курдук, Марияны дьиэтигэр аҕалбыта; 25Кинини таарыйбакка да сырыттаҕына, Мария Бастакы#1:25 Бастакы – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. Уолун төрөппүтэ, Иосиф Оҕону Иисус диэн ааттаабыта.

Currently Selected:

Матфей 1: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in