YouVersion Logo
Search Icon

Иона 4

4
Иона хомолтото уонна Таҥара амарах быһыыта
1Иона итинтэн улаханнык хомойон, абаран-сатаран, 2АЙЫЫ ТОЙОҤҤО маннык үҥпүтэ: «Оо, АЙЫЫ ТОЙОН, мин итини өссө дойдубар сылдьан этэн турабын эбээт! Ол иһин мин били эрдэ-сылла Тарсиска күрүүрдүү санаммытым. Эн алдьархайы үөрүүнэн тохтотор үтүө майгылаах, амарах санаалаах, улуу тулуурдаах, аһыныгас Таҥара буоларгын билэр этим. 3Онон билигин, АЙЫЫ ТОЙОН, дууһабын ыл: бу кэриэтин мин өлбүтүм ордук».
4Онуоха АЙЫЫ ТОЙОН киниттэн: «Хайа бу эн туох да олус абардыҥ дуу?» – диэн ыйыппыта.
5Иона Ниневияттан тахсан барбыта уонна илин туһаайыынан отуу оҥостон баран, куоракка салгыы туох буоларын кэтэһэн, отуутун күлүгэр олорбута. 6Оннук олордоҕуна, АЙЫЫ ТОЙОН Таҥара киниэхэ хойуу кэтит сэбирдэхтээх үүнээйини#4:6 Хойуу кэтит сэбирдэхтээх үүнээйи – Былыргы дьэбириэйдии тиэкискэ билигин суолтата чуолкай биллибэт «кикайон» диэн тыл турар. Учуонайдар сабаҕалыылларынан, бу касторовай арыы ылыллар үүнээйитэ буолуон сөп. ыыппыта. Ол үүнээйи сиртэн дьылыгырыы үүнэн тахсан, Иона саппаҕырбыт санаатын сайҕыырдыы, кинини хаххалыы турбута. Иона үүнээйини көрөн бэркэ диэн үөрбүтэ.
7Сарсыныгар күн тахсыыта Таҥара аны чиэрбэни ыыппыта: чиэрбэ быһа кэрбээн, били үүнээйи иинэн-хатан хаалбыта. 8Онтон күн үөһэ ойуута Таҥара илинтэн күүстээх кураан тыалын түһэрбитэ. Күн уота Иона төбөтүн сырайбытынан барбыта. Иона бырда быстан, эрэйи көрөн: «Маннык олоруом кэриэтин өлбүтүм ордук!» – диэн өлүөн эрэ баҕарар буолбута.
9Дьэ онно Таҥара киниттэн иккиһин: «Хайа бу эн үүнээйи туһуттан туох да олус абардыҥ дуу?»#4:9 Хайа бу эн үүнээйи туһуттан туох да олус абардыҥ дуу? – Манна туттуллубут былыргы дьэбириэйдии сомоҕо-домох чуолкай суолтата биллибэт. – диэн ыйыппыта. «Наһаа абардым! – диэбитэ Иона. – Хомойон өлө сыстым!»
10Онуоха АЙЫЫ ТОЙОН киниэхэ эппитэ: «Эн бэл бэйэҥ көрөн-истэн, улаатыннаран эрэйдэммэтэх үүнээйигин, биир түүн иһигэр үүнэн баран хатан хаалбыт от сыыһын, аһыйаҕын. 11Оттон ити уҥа-хаҥас илиитин кыайан араарбат сүүс сүүрбэ тыһыынча киһилээх, баһаам сүөһүлээх-тойдоох Ниневия курдук улахан куораты Мин хайдах харыһыйыам суоҕай?»

Currently Selected:

Иона 4: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in