YouVersion Logo
Search Icon

Лука 8

8
Иисус Христоска көмөлөспүт дьахталлар
1Бу кэнниттэн Иисус Таҥара Саарыстыбатын Евангелиетын иһитиннэрэ куораттарынан, дэриэбинэлэринэн барбыта. Уон икки үөрэнээччитэ Иисуһу кытта бииргэ сылдьаллара; 2кинилэри кытта өссө куһаҕан тыыннартан уонна ыарыыларыттан үтүөрбүт дьахталлар бааллара: Магдалина#8:2 Магдалина – Магдала куораттан төрүттээх. диэн ааттаах Мария (Иисус киниттэн сэттэ абааһыны үүрэн таһаарбыта); 3Ирод#8:3 Ирод – Ирод Антипа. дьиэтин салайар Хуза ойоҕо Иоанна, Сусанна уонна да атыттар элбэх этилэр. Бу дьахталлар Иисуска уонна Кини үөрэнээччилэригэр баардарынан-суохтарынан көмөлөспүттэрэ.
Бурдук ыһааччы туһунан домох
4Дьон Киниэхэ бары куораттан барытыттан кэлэ тураллара; биирдэ үтүмэн үгүс киһи мустубутугар Кини маннык домоҕу кэпсээбитэ: 5«Бурдук ыһааччы бурдугун ыһа тахсыбыт. Ыһа сырыттаҕына, ыспыт сиэмэтин сороҕо суол кытыытыгар түһэн тэпсиллэн хаалбыт, ону халлаан көтөрдөрө тоҥсуйан сиэн кэбиспиттэр; 6сороҕо буоллаҕына тааска түһэн, араскыланаат, сиик суоҕуттан хатан хаалбыт; 7сороҕо хатыылаах ыарҕа быыһыгар түспүтүн ыарҕа өрө үүнэн тумнаран кэбиспит. 8Сороҕо өҥ буорга түһэн сүүс төгүл үрдүк үүнүүнү биэрбит».
Маны кэпсээн баран: «Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!» – диэн саҥа аллайбыта.
9Үөрэнээччилэрэ Киниттэн бу домох суолтатын ыйыппыттара. 10Иисус эппитэ: «Эһиэхэ Таҥара Саарыстыбатын кистэлэҥнэрин билэр кыах бэриллибитэ, оттон ити атыттарга барыта домохторунан этиллэр, онон кинилэр көрөр эрээри, көрбөттөр, истэр эрээри, өйдөөбөттөр.
Бурдук ыһааччы туһунан домох быһаарыыта
11Бу домох быһаарыыта маннык: сиэмэ – Таҥара тыла; 12суол кытыытыгар түспүт сиэмэ – истэр дьон, ол гынан баран кинилэргэ адьарай кэлэн, итэҕэйбэтиннэр, быыһамматыннар диэн, истибит тыллларын сүрэхтэриттэн илдьэ барар; 13оттон тааска ыһыллыбыт – ол тылы үөрүүнэн ылынар эрээри, силиһэ суох буолан, ардыгар эрэ итэҕэйэр, оттон тургутуу кэмигэр тэйэр дьон; 14хатыылаах ыарҕаҕа түспүт – ол тылы истэр эрээри, тэйэ түстүлэр да, олох сүпсүлгэнэ, баай-дуол, күннээҕи үөрүү-дуоһуйуу тумнаран, итэҕэллэрэ сиппэккэ хаалбыт дьон; 15оттон өҥ буорга ыһыллыбыт сиэмэ – ол Таҥара тылын истэр уонна истибит тылларын үтүөкэн, ыраас сүрэхтэригэр иҥэрэ сылдьан, бары ыарахаттары тулуйан туран итэҕэйэр дьон».
Маны кэпсээн баран Кини: «Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!» – диэн саҥа аллайбыта#8:15 Маны кэпсээн баран Кини: «Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!» – диэн саҥа аллайбыта – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар..
Сибэтиилинньик туһунан домох
16«Ким да сибэтиилинньиги уматан баран, иһитинэн саба уурбат, орон анныгар туруорбат, ол оннугар, киирээччилэр сырдыгы көрдүннэр диэн, олоҕор туруорар. 17Кистэммит көстүбэтэҕэ, кистэлэҥ арыллыбатаҕа диэн суох. 18Онон хайдах истэргитин кэтэнэн көрүнүҥ: баардаахха Таҥара өссө биэриэҕэ, оттон туга да суох киһиттэн баардаахпын дии санаабыта кытта былдьаныаҕа».
Иисус Христос Ийэтэ уонна бырааттара
19Киниэхэ Ийэтэ уонна бырааттара кэлэн баран, дьон элбэҕэ бэрдиттэн хаайтаран, кыайан ааспатахтара.
20«Таһырдьа Ийэҥ бырааттаргын кытта кэлэн тураллар, Эйигин көрсүөхтэрин баҕараллар», – диэн Киниэхэ биллэрбиттэрэ.
21Иисус эппитэ: «Таҥара тылын истэр уонна толорор дьон – олор Мин Ийэм, Мин бырааттарым буолаллар».
Силлиэни тохтотуу
22Биирдэ Кини үөрэнээччилэрин кытта оҥочоҕо киирэн баран: «Күөл уҥуор туоруоҕуҥ», – диэбитэ. Уҥуор устубуттара. 23Устан истэхтэринэ, Иисус утуйан хаалбыта. Күөлгэ эмискэ күүстээх силлиэ түһэн, долгун сабыта биэртэлээн, оҥочо уунан туолан барбыта, онон тимирэр кутталга киирбиттэрэ.
24Кэлэн, Кинини уһугуннаран: «Үөрэтээччи! Үөрэтээччи! Өлөн эрэбит!» – диэбиттэрэ.
Кини туран тыалы, сабыта охсор долгуну буойбута: сонно тута тыал да, долгун да уостан, уоскуйан хаалбыттара. Уу чуумпу буолбута. 25«Итэҕэлгит ханнаный?» – диэбитэ Кини үөрэнээччилэригэр.
Кинилэр дьулайан даҕаны, дьиктиргээн даҕаны, бэйэлэрин икки ардыларыгар: «Кимий – бу Кини, тыалы да, ууну да буойан бас бэриннэрээччи?» – дэспиттэрэ.
Куһаҕан тыыннарга буулаппыт киһини үтүөрдүү
26Галилеяны утары сытар Гадара сиригэр кэлэн тиксибиттэрэ. 27Иисус биэрэккэ тахсыбытыгар, өр кэм устата абааһыларга буулатан, таҥас диэни таҥныбакка, дьиэҕэ-уокка олорбокко, өлбүт дьону кистиир хаспахтарга хорҕойбута ырааппыт киһи Киниэхэ утары тахсан кэлбитэ. 28Ол киһи Иисуһу көрөөт, иннигэр умса түһэн баран, күөмэйин муҥунан хаһыытаабыта: «Эн Миэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Иисус, Үрдүк Таҥара Уола? Эйигиттэн ааттаһабын, миигин муҥнаама!» 29Иисус быртах тыыны бу киһиттэн тахсарыгар дьаһайбытын иһин, кини итинник эппитэ. Абааһы бу киһини бэрт уһун кэм устатыгар муҥнаабыт этэ: кинини атахтары, илиилэри тимир сыабынан, быанан кэлгийэн маныыллара да, киһи ону быһыта тыытан баран, абааһыга кыйдатан иччитэх сирдэринэн куотара.
30Иисус киниттэн: «Аатыҥ кимий?» – диэн ыйыппыта.
Элбэх абааһы киирбит буолан, киһи: «Легион», – диэн хоруйдаабыта. 31Абааһылар Иисустан кинилэри үтүгэн түгэҕэр үүрбэтигэр көрдөспүттэрэ. 32Онно хайа үрдүгэр улахан сибиинньэ үөрэ мэччийэ сылдьара. Абааһылар сибиинньэлэргэ киирэрбитин көҥүллээ диэн көрдөспүттэрэ. Иисус көҥүллээбитэ. 33Кинилэр киһиттэн тахсан сибиинньэлэргэ киирбиттэригэр, бүтүн үөр сибиинньэ эмпэрэттэн ыстанан, күөлгэ тимирэн хаалбыта.
34Маныыһыттар ону көрөн, куоракка уонна дэриэбинэлэргэ сүүрэн тиийэн тыллаабыттара. 35Олохтоохтор туох буолбутун көрө, утары тахсыбыттара; кинилэр Иисуска кэлэн, били абааһылара тахсыбыт киһи таҥнан, өйдөнөн-төйдөнөн, Кини атаҕын аттыгар сиргэ олорорун көрөн, улаханнык куттаммыттара. 36Маны барытын көрбүт дьон куһаҕан тыыннарга буулаппыт киһи хайдах быһыылаахтык үтүөрбүтүн кинилэргэ кэпсээбиттэрэ. 37Гадара уобалаһын дьоно бары улуу кутталга ылларан, Иисуһу биһигиттэн бар диэн көрдөспүттэрэ. Иисус оҥочоҕо олорон, төттөрү устубута.
38Абааһылартан босхоломмут киһи, Кинини кытта бииргэ сылдьаары көрдөспүтүгэр Иисус эппитэ: 39«Дьиэҕэр төннөн, Таҥара эйиэхэ тугу оҥорбутун кэпсээ». Киһи баран, Иисус киниэхэ тугу оҥорбутун куораты биир гына кэпсээбитэ.
Өлбүт кыыс уонна ыарыһах дьахтар
40Иисус төннөн кэлбитигэр Кинини элбэх киһи утары көрсүбүтэ – бары кэтэһэн тураллара. 41Арай биир Иаир диэн ааттаах киһи, синагога тойоно, кэлэн Иисус иннигэр умса түһэн, дьиэбэр барыс диэн көрдөспүтэ. 42Кини уон икки саастаах соҕотох кыыс оҕолооҕо ыалдьан өлөөрү сытара. Иисус кинини кытта барсыбыта, дьон тула өттүттэн ыга анньан испиттэрэ.
43Биир уон икки сыл устата хаана баран ыалдьыбыт, баайын барытын эмчиттэргэ кутан баран, хайаларыттан да туһамматах дьахтар 44Иисус кэнниттэн кэлэн, таҥаһын таарыйбытыгар сонно тута хаана барара тохтоон хаалбыта.
45«Ким Миигин таарыйда?» – Иисус ыйыппыта.
Ким да билиммэтэҕэ. Петр итиэннэ Иисуһу кытта бииргэ сылдьааччылар эппиттэрэ: «Үөрэтээччи! Эйигин киһи бөҕө ыга анньан иһэр эбээт, Эн буоллаҕына ким Миигин таарыйда диигин»#8:45 Итиэннэ Кинини кытта бииргэ сылдьааччылар… Эн буоллаҕына ким миигин таарыйда диигин – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар..
46«Ким эрэ Миигин таарыйда, – диэбитэ Иисус. – Миигиттэн күүс тахсыбытын биллим».
47Дьахтар биллибэккэ хаалар кыаҕа суоҕун өйдөөн, ис-иһиттэн титирэс буола долгуйан, Кини иннигэр тобуктуу түспүтэ уонна тоҕо Кинини таарыйбытын итиэннэ хайдах сонно үтүөрбүтүн бар дьон иннигэр кэпсээбитэ.
48Иисус эппитэ: «Кыыһым, эрдий! Эйигин итэҕэлиҥ быыһаата. Эйэни кытта бар».
49Маны этэ турдаҕына, синагога тойонугар дьиэтиттэн киһи кэлэн: «Кыыһыҥ быһынна, – диэн эппитэ. – Онон Үөрэтээччини түбүгүрдүмэ».
50Иисус маны истэн, Иаирга: «Куттаныма, итэҕэй эрэ – кыыһыҥ быыһаныаҕа», – диэбитэ. 51Дьиэҕэ киирэригэр Петртан, Иоантан, Иаковтан уонна кыыс ийэлээх аҕатыттан ураты атын кими да киллэрбэтэҕэ. 52Бары кыыһы аһыйан ытаһаллара, суланаллара. Иисус: «Ытаһымаҥ, кыыс өлбөтөх, утуйа сытар», – диэбитэ. 53Оҕо өлбүтүн билэр буолан, Кинини күлүү гыммыттара.
54Кини барыларын таһаартаан баран, кыыс илиитин тутан туран улаханнык: «Кыысчаан, тур!» – диэбитэ. 55Сонно кыыс тыын киллэрэн, туран кэлбитэ; Иисус кинини аһатарга соруйбута. 56Оҕо төрөппүттэрэ бэри диэн бэркиһээбиттэрэ. Иисус кинилэри, манна туох буолбутун туһунан кимиэхэ да кэпсээбэттэрин курдук, кытаанахтык сэрэппитэ.

Currently Selected:

Лука 8: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in