Лука 6
6
Субуота туһунан мөккүөр
1 Паасха иккис күнүгэр, бастакы субуотаҕа#6:1 Паасха иккис күнүгэр, бастакы субуотаҕа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Субуотаҕа». Иисус бурдук ыһыллыбыт буолагынан ааһан испитэ, үөрэнээччилэрэ сиппит куоластары, илиилэригэр мэлийэн сии иһэллэрэ.
2Сорох фарисейдар ону көрөн: «Тоҕо эһиги субуота күн итигирдик быһыыланаҕыт?» – диэбиттэрэ.
3Иисус хардарбыта: «Давид аргыстарыныын айаннаан иһэн, аччыктаан тугу гыммытын эһиги, ама, аахпатаххыт дуо? 4Кини аччык сылдьан, Таҥара дьиэтигэр киирэн, аҕабыыт эрэ сиир ытык килиэбин ылан сиэбитэ уонна аргыстарыгар бэрсибитэ буолбат дуо?» 5Итиэннэ эппитэ: «Киһи Уола субуота да күн тойоно буолар».
Хаппыт илиилээҕи субуотаҕа үтүөрдүү
6Нөҥүө субуотаҕа Кини эмиэ синагогаҕа киирэн үөрэппитэ. Онно уҥа илиитэ хаппыт киһи баара. 7Сокуонньуттар уонна фарисейдар, Иисуһу буруйдаарылар, бу киһини субуотаҕа үтүөрдэрин кэтэспиттэрэ. 8Иисус кинилэр ис санааларын билэн, хаппыт илиилээх киһиэхэ: «Кэл, манна ортоку тур», – диэбитэ. Киһи тахсан турбута.
9«Мин эһигиттэн ыйытыам этэ, – диэбитэ Иисус кинилэргэ, – субуота күн тугу гыныллыахтааҕый: үтүөнү оҥоруллуохтаах дуу, куһаҕаны дуу? Олоҕу быыһыыр куолу дуу, өлөрөр куолу дуу?» Ким да тугу да саҥарбатаҕа#6:9 Ким да тугу да саҥарбатаҕа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар..
10Кини барыларын кэриччи көрөн баран, ол киһиэхэ: «Илиигин уун», – диэбитэ. Киһи уунаатын кытта, ыалдьар илиитэ чөлүгэр түһэн хаалбыта. 11Фарисейдар ииримтийэ кыыһыран, Иисуһу хайдах гынар туһунан сүбэлэспиттэрэ.
Уон икки Апостол
12Биир күн Иисус хайа үрдүгэр Таҥараҕа үҥэ тахсыбыта; Кини түүнү быһа үҥпүтэ. 13Онтон, сарсыарда буолбутугар, үөрэнээччилэрин ыҥыран ылан, кинилэртэн уон икки киһини Апостолларынан ааттаан талбыта: 14Петр диэн ааты биэрэн баран Симоны, кини быраатын Андрейы, Иаковы, Иоанны, Филиби, Варфоломейы, 15Матфейы уонна Фоманы, Алфей уола Иаковы уонна Зилот диэн ааттаах Симоны, 16Иаков уола Иуданы уонна кэлин Кинини таҥнарбыт Иуда Искариоту.
Дьон Иисус Христоска кэлэллэр
17Иисус кинилэри кытта хайаттан түһэн, хонуу сиргэ кэлэн тохтообута, онно халыҥ элбэх киһи – үгүс үөрэнээччилэрэ итиэннэ Иудея, Иерусалим, муора кытылыгар баар Тир, Сидон дьоно мустубута. 18Кинилэр Иисуһу истээри, ыарыыларыттан үтүөрээри кэлбиттэрэ; быртах тыыннарга буулатан эрэйдэнээччилэр эмиэ үтүөрэллэрэ; 19Киниттэн тахсар күүс үтүөрдэрин иһин, мустубут дьон барыта Кинини таарыйа сатыыра.
Алгыска тиксии
20Иисус үөрэнээччилэрин диэки көрөн баран, эппитэ: «Алгыстааххыт эһиги дьадаҥылар: Таҥара Саарыстыбата эһиэхэ ананар.
21Алгыстааххыт билигин аччыктар: Таҥара эһигини дуоһутуоҕа.
Алгыстааххыт билигин ытаһааччылар: эһиги күлүөххүт-үөрүөххүт.
22Алгыстааххыт эһиги – дьон эһигини абааһы көрдөҕүнэ, туораттаҕына, үөхтэҕинэ-таныйдаҕына, итиэннэ эһиги ааккытын Киһи Уолун туһуттан киртиттэҕинэ. 23Оннук үөхпүт күннэригэр үөрүҥ-көтүҥ, өрөгөйдөөҥ: эһигини Халлааҥҥа улуу наҕараада күүтэр. Кинилэр аҕалара пророктарга эмиэ итинник сыһыаннаспыттара.
Билигин топпут баайдары сор-муҥ күүтэр
24Сор-муҥ күүтэр эһигини баайдары, – эһиги хайыы-үйэ дуоһуйан тураҕыт!
25Сор-муҥ күүтэр билигин топпуттары – эһиги аччыктыаххыт!
Сор-муҥ күүтэр билигин күлээччилэри – эһиги ытыаххыт-соҥуоххут!
26Сор-муҥ күүтэр эһигини – дьоҥҥо барытыгар хайҕатар буоллаххытына! Кинилэр аҕалара сымыйа пророктары эмиэ арбаабыттара.
Өстөөхтөргүтүн таптааҥ
27Оттон эһиэхэ, Миигин истээччилэргэ, этэбин: өстөөхтөргүтүн таптааҥ, эһигини абааһы көрөөччүлэргэ үтүөнү оҥоруҥ, 28эһигини кырааччылары алҕааҥ, эһигини атаҕастааччылар тустарыгар Таҥараҕа үҥүҥ. 29Эйигин иэдэскэ охсубукка атын иэдэскин эмиэ тоһуйан биэр, соҥҥун былдьаан ылааччы ырбаахыгын эмиэ ыларын мэһэйдэһимэ. 30Эйигиттэн көрдөһөөччүгэ, ким да буоллун, биэр, итиэннэ эйигиттэн ылбыт киһиттэн төттөрү ирдээмэ. 31Онон туохха барытыгар дьон эһиэхэ хайдах сыһыаннаһыан баҕараҕыт да, эһиги эмиэ дьоҥҥо соннук сыһыаннаһыҥ. 32Эһигини таптыыр дьону эрэ таптыыр буоллаххытына, туох махталын эрэйэҕит? Аньыылаахтар даҕаны кинилэри таптыыр дьону таптыыллар эбээт. 33Эһиэхэ үтүөнү оҥорор дьоҥҥо эрэ үтүөнү оҥорор буоллаххытына, туох махталын эрэйэҕит? Аньыылаахтар даҕаны үтүөҕэ үтүөнэн төлүүллэр эбээт. 34Төнүннэриэхтэрэ диэн эрэнэр дьоҥҥутугар эрэ иэс биэрэр буоллаххытына, туох махталын эрэйэҕит? Аньыылаахтар даҕаны аньыылаахтарга, төттөрү соччону ылаары, иэс биэрэллэр эбээт. 35Оттон эһиги өстөөхтөргүтүн таптааҥ, кинилэргэ үтүөнү оҥоруҥ, төттөрү ылыахпыт этэ диэн кэтэспэккэ эрэ иэс биэриҥ, оччоҕо улуу наҕараадаҕа тиксиэххит, Үрдүк Таҥара уолаттара буолуоххут. Ол эбэтэр Кини үтүөҕэ махтамматтарга, өһүөмньүлээхтэргэ да үтүө сыһыаннаах. 36Онон, Аҕаҕыт амараҕын курдук, эһиги эмиэ амарах буолуҥ.
Атыттары дьүүллээмэҥ
37Дьүүллээмэҥ, оччоҕо дьүүллэниэххит суоҕа; буруйдаамаҥ, оччоҕо буруйданыаххыт суоҕа; бырастыы гыныҥ, оччоҕо бырастыы гыныллыаххыт; 38биэриҥ, оччоҕо эһиэхэ эмиэ бэриллиэҕэ: чиҥ гына сиксиллибит, дьиппинитиллибит, тобус-толору үтүө мээрэйинэн соҥҥут тэллэҕэр кутан биэриэхтэрэ; ханнык кээмэйинэн кэмниигит да, эһиэхэ эмиэ ол кээмэйинэн кэмнэнэн бэриллиэҕэ».
39Итиэннэ кинилэргэ маннык домоҕу кэпсээбитэ: «Хараҕа суоҕу хараҕа суох киһи сирдиир кыахтаах дуо? Иккиэн оҥкучахха түһүөхтэрэ суоҕа дуо? 40Үөрэнээччи үөрэтээччититтэн үрдээбэт буолан баран, ситтэҕинэ-хоттоҕуна, эмиэ үөрэтээччитин курдук буолуо.
41Эн быраатыҥ хараҕар тоҕо мас сыыһын да булан көрөҕүн, оттон бэйэҥ хараххар бэрэбинэ баарын билиммэккин? 42Эбэтэр хайдах, бэйэҥ хараххар бэрэбинэни да көрбөт эрээригин „Быраатым, кэл эрэ, хараххыттан сыыһы ылыым“ диэххиний? Сирэй көрбөх! Бастаан бэйэҥ хараххыттан бэрэбинэни таһаар, оччоҕо хайдах гынан быраатыҥ хараҕыттан сыыһы ылары билиэҥ.
Мас хайдаҕа отонунан биллэр
43Үчүгэй мас куһаҕан отонноммута диэн суох; куһаҕан мас үчүгэй отонноммута диэн эмиэ суох – 44хайа да мас отонунан биллэр: ыарҕаттан смокваны хомуйбаттар, эрбэһинтэн винограды ылҕаабаттар. 45Үтүө киһи сүрэҕин үтүө баайыттан үтүөнү таһаарар, мөкү киһи сүрэҕин мөкү баайыттан мөкүнү таһаарар: киһи сүрэҕэ тугунан туолбута уоһунан тахсар.
Икки акылаат
46Эһиги Миигин „Тойоммут! Тойоммут!“ диэн ыҥыраҕыт эрээри, этэрбин тоҕо толорбоккутуй? 47Миэхэ кэлэн Мин тылбын истэр уонна толорор киһи кимиэхэ холооннооҕун эһиэхэ этиэм. 48Кини сири дириҥник хаһан, дьиэтин акылаатын тааска түһэрбит киһиэхэ холоонноох. Өрүс халааннаатаҕына, күүстээх уу анньан кэлэр да, таас акылааттаах дьиэни хамсаппат. 49Оттон ким Мин тылбын истэр эрээри, толорбот – ол дьиэтин кумахха акылаата суох туппут киһиэхэ холоонноох: уу тоҕо анньан кэлиэ да, ол дьиэ сонно сиҥнэн түһүө».
Currently Selected:
Лука 6: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022