Лука 5
5
Маҥнайгы үөрэнээччилэрэ
1Биирдэ үтүмэн үгүс дьон, Таҥара тылын истээри, Кинини ыга анньан үтүрүспүттэригэр Иисус Геннисарет күөлүн кытылыгар туран, 2күөлгэ икки оҥочону көрбүтэ; балыксыттар оҥочоттон тахсан илимнэрин сууйа сылдьаллара. 3Кини биир оҥочоҕо киирэн (ол Симон киэнэ этэ), кыратык кытылтан тэйэ устарыгар көрдөспүтэ. Уонна оҥочоҕо олорон дьону үөрэппитэ.
4Үөрэтэн бүтэн баран, Симоҥҥа: «Дириҥэр киирэн илимҥитин түһэриҥ», – диэбитэ. 5Симон эппитэ: «Үөрэтээччи! Биһиги бөлүүн түүнү быһа эрэйдэннибит да, туох да туппата. Чэ, ол гынан баран Эн тылыҥ хоту илиммин түһэриэм».
6Илимнэрин түһэрбиттэрэ, сүрдээх элбэх балык кэлэн, бэл илимнэрэ хайа барбыта. 7Атын оҥочоҕо олорор доҕотторун далбаатаан ыҥыран ылан, көмөлөһүннэрбиттэрэ; олор кэлэн икки оҥочону тобус-толору гына балыгы кутан, тыылара тимирэн киирэн барбыттара.
8Симон Петр маны көрөн, Иисус тобугар умса түһэн: «Тойонуом, мин тыыбыттан таҕыс! – диэбитэ. – Мин аньыылаах киһибин!» 9Балык маннык балысханнык кэлбититтэн кини да, бииргэ сылдьар дьоно да, 10ол иһигэр Симон табаарыстара – Зеведей уолаттара, Иаковтаах Иоанн, эмиэ улаханнык куттаммыттара.
Иисус Симоҥҥа эппитэ: «Куттаныма, эн аны мантан инньэ дьону илимниэҥ». 11Кинилэр икки оҥочолоохторун иккиэннэрин кытылга соһон таһаараат, барытын быраҕан, Иисуһу батыһан барбыттара.
Араҥ ыарыылааҕы үтүөрдүү
12Иисус биир куоракка сырыттаҕына, этэ бүтүннүү араҥ бааһа буолбут киһи кэлэн, Кинини көрөн, сиргэ умса түһэн ааттаспыта: «Тойонуом! Эн баҕарыаҥ эрэ кэрэх, миигин ырааһырдар кыахтааххын».
13Иисус илиитин уунан киһини таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ. Сонно киһи араҥ ыарыыта сүтэн хаалбыта. 14Бу туһунан кимиэхэ да кэпсиирин бобон баран, Иисус кинини аҕабыыкка тиийэн көрдөрүн уонна ыраастаммыккын кинилэргэ туоһулаан, Моисей эппит сиэртибэтин илдьэн биэр диэн соруйбута.
15Ол эрээри Иисус сураҕа кэҥээтэр-кэҥээн, үтүмэн үгүс дьон, Кинини истээри, ыарыыларыттан үтүөрээри, кэлэ тураллара. 16Оттон Кини иччитэх сиргэ баран, Таҥараҕа үҥэрэ.
Босхоҥу үтүөрдүү
17Биирдэ Иисус үөрэтэр кэмигэр Галилея, Иудея бары дэриэбинэлэриттэн, Иерусалимтан кэлбит фарисейдар уонна сокуонньуттар Кинини истэ олорбуттара; Иисус ыарыһахтары Айыы Тойон күүһүнэн үтүөртээбитэ. 18Арай, ол кэмҥэ хас да киһи кыаммат буолбут босхоҥу тэллэхтэри көтөҕөн аҕалбыттара; кинини иһирдьэ киллэрэн Иисус иннигэр сытыараары холонон көрбүттэрэ да, 19киһи элбэҕэ бэрт буолан, ханан да кыайан ааспатахтара, онон дьиэ үрдүгэр ыттан, кырыыһаны көтүрэн, ыарыһаҕы тэллэхтэри хос ортотугар Иисус иннигэр түһэрбиттэрэ.
20Кинилэр итэҕэллэрин көрөн, Иисус ол киһиэхэ: «Эн аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолар», – диэбитэ.
21Сокуонньуттар уонна фарисейдар: «Бу Кини, Таҥараны холуннара турааччы, кимий? Таҥараттан атын ким аньыыны бырастыы гынар кыахтааҕый?» – дии санаабыттара.
22Иисус кинилэр санааларын билэн эппитэ: «Эһиги тоҕо итинник саныыгыт? 23Хайата чэпчэкиний: аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолар диир дуу, эбэтэр туран хаамп диэн этэр дуу? 24Ол эрээри, Киһи Уола сиргэ аньыыны-хараны бырастыы гынар кыахтааҕын билэргит туһугар, – инньэ диэн баран, Кини босхоҥ киһиэхэ туһаайан эппитэ: – Эйиэхэ этэбин, туран тэллэххин ылан, дьиэҕэр бар». 25Сонно киһи, бары көрөн турдахтарына, атаҕар туран кэлбитэ уонна сыппыт тэллэҕин ылан, Таҥараны айхаллыы-айхаллыы, дьиэтигэр барбыта. 26Бары бэри диэн бэркиһээн, дьулайан, Таҥараны уруйдуулларын быыһыгар: «Бүгүн биһиги сөҕүмэр дьиктини көрдүбүт!» – дэспиттэрэ.
Левийи ыҥырыы
27Иисус бу кэнниттэн тахсан, харчы хомуллар сиригэр олорор Левий диэн ааттаах түһээн хомуйааччыны көрөн, киниэхэ: «Миигин батыс», – диэбитэ. 28Киһи тугун барытын хаалларан, Иисуһу батыһан барбыта.
29Левий Киниэхэ анаан, дьиэтигэр улахан аһылык тарпыта; онно түһээн хомуйааччылар уонна да атыттар бэрт элбэх буолан, Кинилиин бииргэ аһаары, олорсубуттара. 30Фарисейдар уонна сокуонньуттар ону сөбүлээбэккэ, Кини үөрэнээччилэригэр эппиттэрэ: «Эһиги түһээн хомуйааччылары уонна аньыылаахтары кытта тоҕо бииргэ аһыыгыт-сиигит?»
31Иисус кинилэргэ хоруйдаабыта: «Эмчиккэ өлүөрдэр наадыйбаттар, ыарыһахтар наадыйаллар. 32Мин үтүөлэри буолбатах, аньыылаахтары аньыыны билинэн Таҥараҕа эргиллэргэ ыҥыра кэлбитим».
Пост туһунан
33Онуоха кинилэр эппиттэрэ: «Иоанн үөрэнээччилэрэ сотору-сотору постаналлар, үҥэллэр, фарисейдар үөрэнээччилэрэ эмиэ биир оннуктар, оттон Эйиэннэрэ аһыыллар да, иһэллэр да».
34Иисус эппитэ: «Урууга кэлбит ыалдьыттары, күтүөт кинилэри кытта бииргэ сылдьарын тухары, аһаамаҥ диэн күһэйиэ этигит дуо? 35Ол эрээри күтүөтү кинилэртэн былдьыыр кэмнэрэ кэлиэҕэ, дьэ оччоҕо кинилэр поһу тутуһар буолуохтара».
Саҥа уонна эргэ туһунан домох
36Өссө биир домоҕу кэпсээбитэ: «Ким даҕаны эргэ таҥаска саҥа таҥастан хайа тардан ылан, абырах оҥорбот; оннук гыннаҕына, саҥа да таҥаһа алдьаныа, эргэҕэ да саҥа абыраҕа сөп түбэһиэ суоҕа. 37Ким даҕаны саҥа көөнньүбүт арыгыны эргэ симииргэ куппат; оннук куттахха, саҥа көөнньүбүт арыгы эргэ симиири тоҕо тэбэн тохтуо, оччоҕо арыгы да мэлийиэ, симиир да быраҕыллыа; 38онон саҥа арыгы саҥа симииргэ кутуллуохтаах; оччоҕо хайата да харыстаныа#5:38 Оччоҕо хайата да харыстаныа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.. 39Ханнык да киһи өр туран сиппит арыгыны иһээт, сонно тута саҥа арыгыны иһиэн баҕарыа суоҕа, уруккута ордук диэҕэ».
Currently Selected:
Лука 5: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022