Лука 4:5-8
Лука 4:5-8 СБК
Адьарай Кинини үрдүк хайаҕа таһааран, чыпчылҕан түргэнинэн сир бары саарыстыбаларын көрдөрөн баран, эппитэ: «Мин бу саарыстыбалары – туох баар былаастары, албан ааттары – олоччу Эйиэхэ биэриэм. Бу барыта миэхэ бэриллибитэ, онон кимиэхэ биэрэрим бэйэм көҥүлүм. Эн миэхэ сүгүрүйдэргин эрэ, бу барыта Эйиэнэ буола түһүөҕэ». Иисус киниэхэ хоруйдаабыта: «Киэр буол Миигиттэн, сатана. „Айыы Тойон Таҥараҕар сүгүрүй уонна Киниэхэ эрэ сулууспалаа“ диэн суруллубута».