Иона 1
1
Иона АЙЫЫ ТОЙОНТОН куотар
1Биир күн Иона, Амиттай уола, АЙЫЫ ТОЙОН#1:1 Айыы Тойон – Таҥара Эргэ Кэс Тыл кинигэлэригэр баар ааттаммат ытык аата биһиги тылбааспытыгар улахан буукубаларынан бэриллэр. Учуонайдар сабаҕалыылларынан, бу аат «Яхве» диэн буолуон сөп. кинини ыҥырар саҥатын истибитэ. 2«Айаҥҥа тур! – диэбитэ ол саҥа. – Улахан куоракка Ниневияҕа баран, олохтоохтор аньыыларын-хараларын саралаа, Мин кинилэр хара дьайыыларын көрбүппүн иһитиннэр».
3Иона айаҥҥа турбута эрээри, АЙЫЫ ТОЙОНТОН Тарсиска#1:3 Тарсис – Бу Испания кытылыгар баар сир буолуон сөп. куотарга сананан Яффаҕа түспүтэ; онно Тарсистаары турар хараабылы булан, суолун төлөөн, АЙЫЫ ТОЙОНТОН Тарсиска тэскилиирдии, хараабылга киирсэн олорунан кэбиспитэ.
4Ол эрэн АЙЫЫ ТОЙОН муораҕа улахан тыалы түһэрбитэ: суостаах буурҕа өрө ытыллан, айаннаан иһэр хараабыллара хайа барыах курдук буолбута. 5Муораһыттар бары уолуйа куттанан, хас биирдиилэрэ үҥэр-сүктэр таҥараларын ыҥырбыттара, өлөртөн быыһааҥ диэн ааттаһан-көрдөһөн барбыттара. Онтон муҥур уһукка киирэн, хараабылларын чэпчэтээри, тиэйэн иһэр таһаҕастарын ууга тамнаабыттара.
Иона буоллаҕына ити кэмҥэ хараабыл түгэҕэр киирэн сүр кытаанахтык утуйа сыппыта.
6Ол сыттаҕына киниэхэ муораһыттар тойонноро тиийэн кэлэн: «Бу эн туох буолан утуйа сытар киһигиний? – диэн көбүөлээбитэ. – Тур, Таҥараҕыттан көрдөс! Баҕар, Кини биһигини санаан, биһиги тыыннаах ордуохпут!»
7Муораһыттар ити кэмҥэ: «Чэйиҥ, түөрэх кэбиһэн, бу ким туһуттан манннык быһылааҥҥа түбэспиппитин билиэххэ!» – дэһиспиттэрэ. Түөрэх кэбиспиттэрэ, арай, түөрэхтэрэ Ионаҕа түспүтэ. 8Ол иһин кинилэр Ионаттан: «Эт эрэ биһиэхэ, бу ким туһуттан биһиги маннык алдьархайга ыллардыбыт? – диэн ыйыппыттара. – Эн туох дьарыктаах киһигиний? Хантан айаннаан иһэҕин? Дойдуҥ ханнаный? Туох омуккунуй?»
9«Мин дьэбириэйбин, – диэн хоруйдаабыта Иона, – АЙЫЫ ТОЙОҤҤО, байҕалы уонна сири айбыт халлааннааҕы Таҥараҕа, сүгүрүйэбин».
10Кини АЙЫЫ ТОЙОНТОН күрэнэн иһэрин кэпсээбитигэр муораһыттар өссө ордук куттанан: «Оо, дьэ хайаан итинник быһыыламмытыҥ эбитэ буолла? – дэспиттэрэ. – 11Биһиги бу эйигин хайдах гынан муораны уоскутабыт? Буурҕабыт улам күүһүрэн иһэр дии!»
12Онуоха Иона эппитэ: «Миигин ууга ылан быраҕыҥ, оччоҕо муора уоскуйуо. Бу үлүгэрдээх буурҕаҕа эһиги мин туспуттан түбэспиккитин билэбин». 13Ол үрдүнэн муораһыттар харса суох кытыл диэки эрдэ сатаабыттара да, сири кыайан булбатахтара: силлиэ эбии сэтэрэн иһэрэ.
14Дьэ онно кинилэр АЙЫЫ ТОЙОНУ ыҥыран ааттаспыттара: «АЙЫЫ ТОЙОН, Эн бука диэн биһигини бу киһи өлүүтүгэр буруйдаама! Ыраас киһи хаанын тохтугут диэн, биһигиттэн ирдээмэ! Эн АЙЫЫ ТОЙОҤҤУН эбээт, Бэйэлээх Бэйэҥ оҥорууҥ итинник эбит!» 15Ионаны ууга ылан быраҕааттарын кытта, муора сонно уоскуйан хаалбыта. 16Дьон АЙЫЫ ТОЙОНТОН улаханнык дьулайан, Киниэхэ сиэртибэ биэрэн туран андаҕар тылларын эппиттэрэ.
Currently Selected:
Иона 1: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022