YouVersion Logo
Search Icon

Апостоллар 17

17
Фессалоникаҕа буолбут аймалҕан
1Амфиполу, Аполлонияны ааһан, кинилэр иудей синагогата баар Фессалоника куоратыгар кэлбиттэрэ. 2Павел үгэһинэн синагогаҕа киирэн, үс субуота тухары дьону кытта Суруйуулары ырыппыта. 3Кини Христос сору-муҥу көрөн өлөн баран тиллиэхтээҕин өйдөтөн-дакаастаан: «Бу – Мин эһиэхэ кэпсиир Иисус Христоһум буолар», – диирэ. 4Кинилэртэн сорохторо – Таҥараны ытыктыыр бэрт элбэх омук дьоно да, үгүс биллэр-көстөр хотуттар да – итэҕэйэн, Павеллаах Силаҕа холбоспуттара.
5Ол эрээри итэҕэйбэтэх иудейдар Апостоллары ордук санаан, баһаартан күн көдьүүһэ суох нэгэй дьону хомуйан, норуоту түмэ тардан, куораты аймаабыттара, Иасон дьиэтигэр кэлэн Павеллаах Силаны норуот мунньаҕар таһаараары ыкпыттара-түүрбүттэрэ. 6Итиэннэ кинилэри булбакка, Иасону уонна сорох итэҕэйээччилэри тутан, куорат тойотторугар илдьибиттэрэ. «Бу аан дойду үрдүнэн айдааны тардыбыт дьон аны манна тиийэн кэлбиттэр! – диэн хаһыытаабыттара. – 7Иасон өссө кинилэри дьиэтигэр олордор! Кинилэр бука бары Иисус диэн атын ыраахтааҕы баар дэһэллэр, онон император сокуоннарын утараллар, толорботтор». 8Бу буруйдааһынтан дьон-сэргэ да, куорат тойотторо да бары аймаммыттара. 9Кинилэр Иасону уонна атын итэҕэйээччилэри күһэйэн туран, толук харчы төлөтөн эрэ баран, ыыталаабыттара.
Верияҕа эмиэ ыарахаттары көрсөллөр
10Павеллаах Силаны бырааттара, сэрэхэдийэн, сол түүн Верияҕа атаарбыттара; Верияҕа тиийээт, кинилэр синагогаҕа барбыттара. 11Маннааҕылар Фессалоника дьонунааҕар быдан сайаҕас этилэр: Таҥара тылын ис сүрэхтэриттэн ылынан, бу этиллибит төһө чахчылааҕын билээри, күн аайы Суруйуулары ырыталлара. 12Ол түмүгэр үгүстэрэ – ытыктанар грек дьахталлара да, эр дьон да – итэҕэйбиттэрэ.
13Фессалоника иудейдара Павел Таҥара тылын Верияҕа эмиэ үөрэппитин истэн, аны онно тиийэн дьону булкуйан, утары туруоран барбыттара. 14Онон бырааттара Павелы суһаллык муораҕа атаарбыттара. Силалаах Тимофей Верияҕа хаалбыттара. 15Павел аргыстара кинини Афиныга диэри атааран баран, Силалаах Тимофейга «төһө кыалларынан түргэнник миэхэ кэллиннэр» диэн Павел илдьитин илдьэ төттөрү айаннаабыттара.
Афиныга
16Афиныга тиийэн дьонун кэтэһэ сылдьан, куорат эмэгэтинэн туолбутун көрөн, Павел ис-иһиттэн абарбыта. 17Кини синагогаҕа иудейдары уонна Таҥараны ытыктыыр атын да омуктары кытта сэһэргэһэрин таһынан, өссө күн аайы болуоссатынан ааһар дьоннуун кэпсэтэрэ. 18Биирдэ кинини кытта эпикуреецтар уонна стоиктар мөккүспүттэрэ. Сорохторо: «Бу хой баһын туойааччы манан тугу этиэн баҕарарый?» – дииллэрэ. Атыттара, кини Иисус итиэннэ тиллии#17:18 Тиллии – гректии «Анастасис». Павелы истибит дьон кини «Анастасия» диэн ааттаах хайа эрэ дьахтар таҥара туһунан кэпсиир дии санаабыт буолуохтарын сөп. туһунан кэпсиирин иһин: «Арааһа, туора таҥаралар үөрэхтэрин тарҕатар быһыылаах», – диэн сабаҕалыыллара.
19Кинини Ареопаг#17:19 Ареопаг – Афины куоракка баар томтор аата. Бу томтор үрдүгэр мунньахтыыр Үрдүкү Суут эмиэ маннык ааттанара. мунньаҕар аҕалан: «Бу эн туох саҥа үөрэҕин тарҕатаргын биһиги билиэхпитин сөп дуо? – диэн ыйыппыттара. – 20Туох эрэ бэрт дьиктини иһитиннэрэҕин ээ. Бу тугун-ханныгын билиэхпитин баҕарабыт». 21Афины олохтоохторо уонна манна олорор омук дьоно туох эмэ саҥаны-сонуну кэпсэтэн, эбэтэр истэн күнү-дьылы атааралларын туохтан да ордороллоро.
22Павел Ареопаг ортотугар туран эппитэ: «Афины олохтоохторо! Барытыттан сылыктаан көрдөхпүнэ, эһиги итэҕэли туох да олус ытыктыыр дьон эбиккит. 23Ити оннооҕор ааһан иһэн, ытык сирдэргитин кэрийэ сылдьан, „Биллибэт Таҥараҕа“ диэн суруктаах сиэртибэнньиги булан ыллым ээ. Дьэ ол Кини – эһиги кимин да билбэккэ эрэ сүгүрүйэр Таҥараҕыт – туһунан мин эһиэхэ иһитиннэриэхпин баҕарабын.
24Бу аан дойдуну бүтүннүүтүн, аан дойдуга баары барытын айбыт Таҥара сирдээх халлаан Айыы Тойоно буолан, киһи тутан биэрбит дьиэтигэр олорбот, 25дьон Киниэхэ илиитинэн тутан-хабан үлэлиирин эрэйбэт, тоҕо диэтэххэ, Кини хаһан да тугунан да тутахсыйбат, төттөрүтүн, Бэйэтэ туохха барытыгар олоҕу, тыынар тыыны – тугу барытын биэрэр. 26Таҥара биир киһиттэн киһи-аймаҕы үөскэтэн сир көхсүн устун олохсуппута, ыйаахтаах кэмнэрин-кэрдиилэрин, олорор сирдэрин чэрчитин ыйан-быһан биэрбитэ. 27Ити барыта дьон Таҥараны көрдүүрүн, хас биирдиибититтэн ырааҕа суоҕун сэрэйэн-билэн, Кинини булан ылалларын туһугар этэ. 28Кининэн биһиги олоробут, Кининэн хамсыыбыт, Кининэн тыыннаах сылдьабыт. Эһиги сорох хоһоонньуттаргыт эмиэ: „Биһиги бары Кини ууһунабыт“, – диэн этэн тураллар.
29Онон, биһиги Таҥара ууһа эбит буоллахпытына, Таҥараны кыһыл дуу, үрүҥ дуу көмүһүнэн эбэтэр таастан киһи бэйэтэ сатабыллаах уус илиитинэн кыһан эбэтэр өйүттэн айан оҥорбут мөссүөнүгэр холуу саныа суохтаахпыт. 30Урут хараҥаҕа муна сылдьыбыппытын буруйга туруорбат эрээри, Таҥара билигин киһи барыта аньыытын-харатын билинэн, Киниэхэ эргиллэригэр ыҥырар. 31Кини бу аан дойдуну кырдьыктаахтык дьүүллүүр күнүн хайыы-үйэ болдьоон, Судьуйатын анаан турар. Дьэ ол иһин, бу туһунан бар дьоҥҥо туоһулаан, Таҥара Кинини өлүүттэн тилиннэрбитэ».
32Өлбүттэр тиллиилэрин туһунан истэн, сорохтор эҕэлээхтик күлсүбүттэрэ, оттон атыттара: «Бу туһунан эйигин өссө истэ кэлиэхпитин баҕарабыт», – дэспиттэрэ. 33Павел тахсан барбыта. 34Сорохтор, ол иһигэр Дионисий Ареопагит#17:34 Ареопагит – Ареопаг чилиэнэ. уонна Дамарь диэн ааттаах дьахтар, онтон да атыттар, итэҕэйэннэр, киниэхэ холбоспуттара.

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in