Апостоллар 11
11
Петр Иерусалим сиэркэбигэр тыл этэр
1Таҥара тылын омуктар эмиэ ылыммыттарын Апостоллар уонна Иудея итэҕэйээччилэрэ истибиттэрэ. 2-3Петр Иерусалимҥа кэлбитигэр итэҕэйбит еврейдэр кинини: «Эн баран, быһыллыбатах дьону кытта бииргэ аһаабыккын», – диэн хомуруйбуттара.
4Туох буолбутун Петр кинилэргэ саас-сааһынан кэпсээн барбыта: 5«Мин Иоппия куоракка, үҥэ тураммын, ис-испиттэн өрө көтөҕүллэн кэлбитим. Ол туран көрдөхпүнэ, арай, түөрт муннугуттан тиирэ тардыллыбыт улахан таҥаска майгынныыр туох эрэ иһит халлаантан түһэн кэлэн аттыбар тохтообута. 6Иһин өҥөйөн көрбүтүм: онно түөрт атахтаах арааһа, адьырҕа кыыллар, эриэн үөннэр, көтөрдөр бааллара. 7Арай онтон саҥа иһиллэн: „Тур, Петр, мантан өлөрөн сиэ“, – диэбитэ.
8„Суох, Айыы Тойон, туох да быртах, кирдээх мин айахпар хаһан да киирэ илик“, – диэн хоруйдаабытым. 9„Таҥара ыраастаабытын кирдээх диэмэ“, – били саҥа халлаантан иккиһин иһиллибитэ. 10Бу курдук үс төгүл хатыламмыта, онтон барыта халлааҥҥа төттөрү тахсан барбыта. 11Арай сонно мин олорор дьиэм#11:11 Мин олорор дьиэм – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «биһиги олорор дьиэбит». иннигэр Кесарияттан сорукка ыыппыт үс киһилэрэ кэлэн тохтообуттара. 12Тыын кинилэрдиин саараҥнаабакка барсарбар эппитэ. Миигин кытта бу алта бырааттарым барсыбыттара. Баран киһибит дьиэтигэр киирбиппит. 13-14Хаһаайыммыт дьиэтин иһигэр сибэтиэй Аанньалы көрбүтүн, Аанньал киниэхэ „Иоппияҕа дьонно ыытан, Петр диэн ааттанар Симоны ыҥыртар, кини эйиэхэ бэйэҕин уонна дьиэ кэргэҥҥин бүтүннүүтүн быыһыыр тыллары этиэҕэ“ диэн эппитин кэпсээбитэ.
15Мин саҥардыы кэпсээн эрдэхпинэ, урут биһиэхэ курдук, Сибэтиэй Тыын кинилэргэ эмиэ түһэн киирбитэ. 16Онуоха мин: „Иоанн уунан сүрэхтиирэ, эһиги буоллаҕына Сибэтиэй Тыынынан сүрэхтэниэххит“, – диэн Айыы Тойон урут биһиэхэ этэрин өйдөөн кэлбитим. 17Өскөтүн Таҥара биһиэхэ, Айыы Тойон Иисус Христоһу итэҕэйбиттэргэ, биэрбит бэлэҕин кинилэргэ эмиэ бэлэхтиир буоллаҕына, Таҥараҕа мэһэйдэһэр ол мин кимминий?»
18Кинилэр маны истэн уоскуйан: «Ол аата омуктар олоххо тиксэллэрин туһугар, аньыыны билинэр кыах кинилэргэ эмиэ бэлэхтэммит буоллаҕа», – диэн Таҥараҕа айхал эппиттэрэ.
Антиохия христианнара
19Стефан өлбүтүн кэннэ саҕаламмыт сойуолааһынтан куоппут дьон Финикияҕа, Кипргэ уонна Антиохияҕа тиийбиттэрэ. Кинилэр Таҥара тылын еврейдэргэ эрэ иһитиннэрэллэрэ. 20Ол эрээри сорохторо, Кипртэн, Киринеяттан төрүттээхтэрэ, Антиохияҕа кэлэн, Айыы Тойон Иисус туһунан атын омуктарга кэпсээбиттэрэ. 21Айыы Тойон күүстээх илиитинэн көмөлөһөн, үтүмэн үгүс киһи, итэҕэли ылынан, Айыы Тойоҥҥо эргиллибитэ.
22Бу туһунан сурах Иерусалим сиэркэбигэр тиийбитигэр кинилэр Варнаваны Антиохияҕа барарга сорудахтаабыттара. 23Варнава онно тиийэн, Таҥара кинилэргэ биэрбит илгэлээх үтүөтүн көрөн, үөрбүтэ уонна барыларын ис сүрэххититтэн Айыы Тойоҥҥо итэҕэллээх буолуҥ диэн ыҥырбыта. 24Кини Сибэтиэй Тыыны уонна итэҕэли толору ылыммыт үтүөкэн киһи этэ, онон бэрт элбэх киһи Айыы Тойоҥҥо кэлбитэ.
25Бу кэнниттэн Варнава Савлы көрдүү Тарска аттаммыта, кинини, онтон булан ылан, Антиохияҕа илдьэ барбыта. 26Кинилэр сылы быһа сиэркэпкэ сылдьан, элбэх дьону мунньан үөрэппиттэрэ. Үөрэнээччилэр «христианнар» диэн аан бастаан Антиохияҕа ааттаммыттара.
27Ол саҕана Антиохияҕа Иерусалимтан пророктар кэлбиттэрэ. 28Олортон биирдэстэрэ, Агав диэн ааттаах киһи, туран, Сибэтиэй Тыын күүһүнэн өтө көрөн, аан дойду үрдүнэн улуу сут буолуохтааҕын эппитэ (ол сут Клавдий император саҕана кэлбитэ). 29Онон үөрэнээччилэр кыахтара тиийэринэн Иудеятааҕы бырааттарыгар көмө ыытарга быһаарыммыттара. 30Хомуйбут үптэрин Варнавалаах Савлынан пресвитердэргэ ыыппыттара.
Currently Selected:
Апостоллар 11: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022