Иоанн 20
20
Кураанах хоруоп
1Нэдиэлэ бастакы күнүгэр#20:1 Нэдиэлэ бастакы күнүгэр – субуота кэнниттэн кэлэр күҥҥэ. Мария Магдалина сарсыарда эрдэ, халлаан өссө сырдыан иннинэ, хаспахха кэлэн көрбүтэ – арай ааны бүөлээбит таастара халбарытыллан хаалбыт этэ. 2Кини Симон Петрга итиэннэ Иисус таптыыр биир үөрэнээччитигэр сүүрэн тиийэн: «Тойоммутун хоруобуттан ылан барбыттар, ханна гыммыттарын билбэппит», – диэбитэ.
3Сонно тута Петр ол үөрэнээччилиин тахсан, хоруопка барбыттара. 4Иккиэн бииргэ сүүрбүттэрэ да, үөрэнээччи Петрдааҕар түргэнник сүүрэн, урут тиийбитэ. 5Кини хаспах иһин өҥөйөн, таҥас сытарын көрбүтэ, ол гынан баран иһирдьэ киирбэтэҕэ. 6Кэнниттэн тиийбит Симон Петр иһирдьэ киирэн таҥас сытарын, 7итиэннэ Иисус төбөтүн саппыт былааттара, таҥаһы кытта буолбакка, туспа сууланан сытарын көрбүтэ.
8Дьэ онтон хаспахха бастакынан кэлбит үөрэнээччи киирэн, бэйэтэ барытын көрөн, итэҕэйбитэ. 9Иисус өлөн баран тиллиэхтээҕин туһунан Суруйууларга этиллибитин кинилэр өссө да өйдүү иликтэрэ. 10Онон үөрэнээччилэр дьиэлэригэр төннүбүттэрэ.
Иисус Христос Мария Магдалинаҕа көстөр
11Оттон Мария хаспах таһыгар ытыы турбута; ытыы-ытыы, төҥкөйөн иһирдьэ өҥөйөн көрбүтэ, 12арай Иисус сыппыт сиригэр маҥан таҥастаах икки Аанньал – биирдэрэ бас диэки, атына атах диэки өттүгэр – олороллоро.
13«Тоҕо ытыыгыный?» – кинилэр ыйыппыттара.
«Тойоммун ылан барбыттар, ханна гыммыттарын билбэппин», – диэбитэ Мария. 14Инньэ диэн баран кэннин хайыһан, Иисус турарын көрбүтэ, ол эрээри бу Кини буоларын билбэтэҕэ.
15«Тоҕо ытыыгыный? Кими көрдүүгүнүй?» – Иисус ыйыппыта.
Саад көрөөччү буоллаҕа дии санаан, Мария: «Тойонуом! – диэбитэ. – Кинини мантан Эн таһаарбыт буоллаххына, ханна гыммыккын миэхэ эт, мин баран Кинини ылыам этэ».
16«Мария!» – диэбитэ Иисус.
Эргиллэ түһээт, Мария еврей тылынан: «Раввуни!» (ол аата «Үөрэтээччим!») – диэн саҥа аллайбыта.
17Иисус эппитэ: «Мин Аҕабар өссө тахса иликпин, онон Миигин таарыйыма. Бырааттарбар баран Мин этэрбин тиэрт: Мин Бэйэм Аҕабар уонна эһиги Аҕаҕытыгар, Бэйэм Таҥарабар уонна эһиги Таҥараҕытыгар тахсабын». 18Мария Магдалина баран Айыы Тойону көрбүтүн, Кини тугу эппитин үөрэнээччилэргэ кэпсээбитэ.
Иисус Христос үөрэнээччилэригэр көстөр
19Ол күн, нэдиэлэ бастакы күнүн киэһэтигэр, үөрэнээччилэр иудейдартан куттанан, түмсэр дьиэлэрин аанын хатанан олордохторуна, Иисус киирэн ортолоругар туран эппитэ: «Эһиэхэ эйэ буоллун!» 20Инньэ диэн баран, үөрэнээччилэригэр илиитин-атаҕын#20:20 Илиитин, атаҕын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «илиитин, ойоҕоһун»., ойоҕоһун көрдөрбүтэ. Үөрэнээччилэрэ Айыы Тойону көрөн, үөрэ түспүттэрэ.
21«Эһиэхэ эйэ буоллун! – диэбитэ Иисус иккиһин. – Аҕам Миигин ыыппытын курдук, Мин эмиэ эһигини ыытабын». 22Маны этэн баран, салгыны үрбүтэ уонна: «Сибэтиэй Тыыны ылыҥ! – диэбитэ. – 23Ким аньыытын бырастыы гынаҕыт да, ол аньыыта бырастыы буолуоҕа; ким аньыытын бырастыы гыммаккыт да, ол аньыыта бырастыы буолуо суоҕа».
Иисус Христос уонна Фома
24Уон Иккиэлэртэн биирдэстэрэ, Игирэ Аҥаара диэн ааттаах Фома, Иисус кэлэ сылдьыбыт кэмигэр суох этэ. 25Үөрэнээччилэр Фомаҕа: «Биһиги Айыы Тойону көрдүбүт», – диэн кэпсээбиттэрэ.
Фома эппитэ: «Илиитигэр тоһоҕо суолун көрө иликпинэ, бааһыгар тарбахпын, ойоҕоһугар илиибин уга иликпинэ, итэҕэйиэм суоҕа».
26Аҕыс хонон баран үөрэнээччилэр эмиэ дьиэҕэ олорбуттара, Фома кинилэри кытта баара. Аан халҕана хатанан турдаҕына, арай Иисус киирэн ортолоругар туран баран: «Эһиэхэ эйэ буоллун!» – диэбитэ. 27Онтон Фомаҕа туһаайан эппитэ: «Сөмүйэҕин аҕал, уонна бу икки илиибин көр, илиигин ойоҕоспор ук. Уонна аны итэҕэйбэт буолума, итэҕэйэр буол».
28«Айыы Тойонум, Таҥарам!» – диэбитэ Фома.
29Иисус эппитэ: «Эн көрөҥҥүн итэҕэйдиҥ, көрбөккө эрэ итэҕэйбиттэр алгыстаахтар».
Бу кинигэ соруга
30Уонна да атын үгүс дьиктини Иисус үөрэнээччилэригэр көрдөрбүтэ да, ол туһунан бу кинигэҕэ суруллубата. 31Оттон бу суруллубут барыта – Иисус Мессия, Таҥара Уола буоларын итэҕэйэргит итиэннэ итэҕэйэҥҥит Кини аатынан Олоххо тиксэргит туһугар, сурулунна.
Zvasarudzwa nguva ino
Иоанн 20: СБК
Sarudza vhesi
Pakurirana nevamwe
Sarudza zvinyorwa izvi
Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda
© Институт перевода Библии, 2008-2022