YouVersion
Pictograma căutare

Саалтыр 15

15
1Давид ырыата.
Араҥаччылаа миигин, Айыы Таҥара, Эйиэхэ мин эрэнэбин.
2 Айыы Тойоҥҥо этэбин: «Эн буолаҕын мин Айыы Тойонум,
Эйигиттэн тэйэ сылдьан, туох да үчүгэйи көрбөппүн».
3Сиргэ баар сибэтиэйдэргэ, кэрэ-бэлиэ дьоҥҥо –
кинилэргэ мин сүрэҕим курдаттыы тардыһар.
4Туора таҥараҕа сүгүрүйээччилэр
эрэйдэрин бэйэлэрэ үксэтэллэр;
мин кинилэри кытта кэрэх хаанын тоҕуом суоҕа,
кинилэр таҥараларын ааттарын да ааттыам суоҕа.
5 Айыы Тойон – мин аналым, мин дьылҕам;
Эн илиигэр баар инники олоҕум.
6Өлбүгэ сирим быата үтүөкэн сирдэринэн түстэ,
тиксибит нэһилиэстибэм сүрэхпин үөртэ.
7Миигин сүбэлиир-амалыыр Айыы Тойону мин алгыам;
бэл түүнүн сүрэҕим миигин ыйан-кэрдэн үөрэтэр.
8Иннибэр мин өрүүтүн Айыы Тойону көрөрүм;
Кини мин уҥа өттүбэр сылдьар, онон тулхадыйыам суоҕа.
9Ол иһин сүрэҕим үөрэр, дууһам өрөгөйдүүр,
ол иһин бүтүн бэйэм бөҕөхпүн.
10Мин дууһабын Эн үтүгэн түгэҕэр хаалларыаҥ суоҕа,
итэҕэллээх киһигин ииҥҥэ симэлитиэҥ суоҕа.
11Олох суолун Эн миэхэ ыйан биэриэҕиҥ:
Эйигин кытта сылдьан, мин толору үөрүүнү билиэҕим;
Эн уҥа илиигэр баар уостубат дьол-соргу.

Evidențiere

Partajează

Copiază

None

Dorești să ai evidențierile salvate pe toate dispozitivele? Înscrie-te sau conectează-te