Эсфирь 1
1
Ыраахтааҕы улуу малааһына
1Бу түбэлтэ Ахашверош#1:1 Ахашверош – былыргы дьэбириэйдии тиэкискэ маннык. Былыргы гректии, славянныы уонна нууччалыы Синодальнай тылбаастарга «Артаксеркс». ыраахтааҕы – били Индияттан Эфиопияҕа #1:1 Эфиопия – былыргы дьэбириэйдии тиэкискэ «Куш». тиийэ сүүс сүүрбэ сэттэ уобалаһы салайбыт Ахашверош – кэмигэр буолбута. 2Ол саҕана саарыстыбатын бүрүстүөлүгэр Сузы бөҕөргөтүнүүлээх куоратыгар олорор Ахашверош ыраахтааҕы 3салайбытын үһүс сылыгар бары үрдүк сололоохторугар, чугас үлэһиттэригэр анаан малааһын тэрийбитэ. Персия, Мидия сэриитин тойотторо, дьон-сэргэ үрдүкү араҥата уонна уобалас салайааччылара тиийэн кэлбиттэригэр 4ыраахтааҕы кинилэргэ килбиэннээх саарыстыбатын баайын-дуолун, сүдү бэйэтин килэйбит-халайбыт мааны-далбар олоҕун сүүс аҕыс уон күнү быһа көрдөрбүтэ. 5Онтон ити күннэр ааспыттарын кэннэ, ыраахтааҕы аны Сузы бөҕөргөтүнүүлээх куоратыгар баар норуокка бүттүүнүгэр, баайга-дьадаҥыга барытыгар, дыбарыаһын саадыгар сэттэ күннээх малааһыны тэрийбитэ. 6Онно үрүҥ көмүс туорайдаах мыраамар остуолбаларга тардыллыбыт көҕөрүмтүйэн көстөр хараҥа кыһыл быаҕа күндү лүөн таҥаһы, халлаан күөҕэ чараас түү быыстары ыйаабыттара; өттүгэстээн сытан аһыыр намыһах кэтит олбохторо кыһыл уонна үрүҥ көмүс этилэр, оттон муосталара хараҥа кыһыл өҥнөөх хайа тааһа,#1:6 Хараҥа кыһыл өҥнөөх хайа тааһа – порфир, булкаан эстиититтэн үөскээбит хараҥа кыһыл өҥнөөх таас. мыраамар, чөмчүүк уонна да атын араас өҥнөөх күндү таас этэ. 7Иһэр утахтарын эҥин-эгэлгэ бэйэлээх кыһыл көмүс иһиттэргэ кутан биэрэллэрэ; ыраахтааҕы дэлэйдик күндүлүүр буолан, иһэрдэр арыгыта үрүйэлии устубута. 8Арыгыны ыалдьыттарга ханнык да хааччаҕа суох иһэрдэр туһунан дьаһал бэриллибитэ; ыраахтааҕы дыбарыас олоҕун-дьаһаҕын салайтарар үлэһиттэригэр барыларыгар итинник соруйбут буолан, кэлбит дьон арыгыны төһө баҕарар иһиэхтэрин сөбө.
9Астинь#1:9 Астинь – былыргы дьэбириэйдии тиэкискэ «Вашти». сарыысса эмиэ Ахашверош ыраахтааҕы дыбарыаһыгар дьахталларга анаан туспа малааһын тэрийбитэ.
Астинь сарыысса үүрүллэр
10Малааһын сэттис күнүгэр арыгыттан санаата көнньүөрбүт ыраахтааҕы киниэхэ үлэлиир Мегуман, Бизфа, Харбона, Бигфа, Авагфа, Зефар уонна Каркас диэн ааттаах сэттэ аттакыны ыҥыран ылан, 11хоруоналаах Астинь сарыыссаны киниэхэ аҕалалларыгар соруйбута. Сарыысса олус кыраһыабай этэ, ол иһин ыраахтааҕы баар дьоҥҥо уонна үрдүк сололоохторугар кини кэрэ дьүһүнүн көрдөрүөн баҕарбыта. 12Ол эрээри Астинь сарыысса, аттакылар ыраахтааҕы дьаһалын тиэрдибиттэригэр, онно барартан кыккыраччы аккаастанан кэбиспитэ. Ыраахтааҕы онтон улаханнык кыыһыран, уора-кылына оргуйан, 13туһааннаах кэмҥэ сөптөөх быһаарыыны сатаан ылынар кыахтаах мындыр өйдөөх дьонун ыҥыран ылбыта (кини сокуону уонна быраабы билэр дьоннуун өрүү сүбэлэһэр үгэстээҕэ. 14Ити кэмҥэ киниэхэ Персия, Мидия үрдүк сололоох сэттэ киһитэ – Каршена, Шефар, Адмафа, Фарсис, Мерес, Марсена уонна Мемухан – ордук чугастара, онон кинилэр ыраахтааҕыга киирэр бырааптаах, кини аттыгар олорор кыахтаах, саарыстыба тумус туттар тутаах дьоно этилэр).
15Ыраахтааҕы кинилэртэн: «Ахашверош ыраахтааҕы аттакыларынан илдьиттээбитин ылымматах Астинь сарыыссаны сокуон хараҕынан хайдах дьүүллүөххэ сөбүй?» – диэн ыйыппыта.
16Онуоха Мемухан ыраахтааҕыга уонна үрдүк сололоохторго эппитэ: «Астинь сарыысса ыраахтааҕы иннигэр эрэ буолбакка, Ахашверош ыраахтааҕы бас билэр бары уобаластарын үрдүк сололоохторун, туох баар норуоттарын барыларын иннилэригэр эмиэ буруйдаах. 17Дьахталлар бука бары, сарыысса ити быһыытын билэн, эрдэрин ытыктаабат буолуохтара, «Астинь сарыысса бэл Ахашверош ыраахтааҕы ыҥыртарбытыгар барбатаҕа» дэһиэхтэрэ. 18Персия, Мидия биллэр-көстөр дьахталлара сарыысса ити быһыытын истибиттэр, онон ити туһунан күн бүгүн ыраахтааҕы үрдүк сололоохторугар кэпсээн биэриэхтэрэ турдаҕа, дьэ оччоҕо саат-суут, иирээн тимэҕэ төлө тардыллыаҕа. 19Ыраахтааҕы маны сөп диир буоллаҕына, кини көтүллүбэт ыйааҕа тахсан, Персия, Мидия сокуоннарыгар суруллуох тустаах: Астинь аны Ахашверош ыраахтааҕы хараҕар көстүө суохтаах. Онон ыраахтааҕы кинитээҕэр ордук, атын дьахтары сарыысса оҥордун. 20Ыраахтааҕы таһаарбыт ыйааҕын бүтүн киэҥ саарыстыба устун иһитиннэрдэхтэринэ, дьахталлар дьадаҥытыттан баайыгар тиийэ бука бары эрдэрин ытыктыыр буолуохтара».
21Бу этиини ыраахтааҕы да, кини үрдүк сололоохторо да биһирии истибиттэрэ. Онон ыраахтааҕы, Мемухан сүбэтин ылынан, 22илдьитин бас билэр сиригэр барытыгар, хас биирдии уобалас олохтоохторун суругунан-бичигинэн, хас биирдии норуот төрөөбүт тылынан суруйтаран ыыппыта. Онон бары омук тылынан барытынан: «Эр киһи дьиэтигэр-уотугар тойон буолуохтаах», – диэн иһитиннэрбиттэрэ.
Valið núna:
Эсфирь 1: СБК
Áherslumerki
Deildu
Afrita
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022