Эсфирь 7

7
Аманы ыйаан өлөрөллөр
1Ыраахтааҕы Аманы кытта Эсфирь сарыысса малааһыныгар тиийэн кэлбиттэрэ. 2Эмиэ урукку курдук арыгы иһэ олорон, ыраахтааҕы Эсфирьтэн: «Эсфирь сарыысса, эн баҕарар баҕаҥ тугуй? – диэн ыйыппыта. – Эн тугу баҕарбыккын барытын ылыаҕыҥ. Онон туох көрдөһүүлээххиний? Мин эйиэхэ саарыстыбам аҥаарын да биэрэбин!»
3«Оо, күн ыраахтааҕы, өскөтүн эн миэхэ үтүө сыһыаннаах буоллаххына, – диэбитэ Эсфирь, – өскөтүн күн ыраахтааҕы сөптөөх диир буоллаҕына, миигин тыыннаах хааллардыннар – мин баҕарар баҕам оннук! Норуоппун эспэтиннэр – мин көрдөһөр көрдөһүүм итинник! 4Миигин норуоппун кытта атыылаан имири эстэрэ, суох оҥорторо, өлөртөрө-өһөртөрө биэрдилэр. Өскөтүн биһигини кулут эр дьон, кулут дьахтар оҥостоору эрэ атыылыырга санаммыттара эбитэ буоллар, мин өссө тугу да саҥара барыам суоҕа этэ. Оннук да үлүгэр туһуттан ыраахтааҕыны сүпсүгүрдэр табыллыа суоҕа этэ».
5Ахашверош ыраахтааҕы Эсфирь сарыыссаттан: «Ол хайаларай, ханна баар киһиний? Ким итинник быһыыланарга сананна?» – диэн ыйыппыта.
6«Ол – биһигини абааһы көрөр хаан өстөөх! – диэбитэ Эсфирь. – Бу олорор хара дьайдаах Аман!» Итини истэн, Аман ыраахтааҕыттан уонна сарыыссаттан куттанан, бүтүн бэйэтэ тип-титирэс буола түспүтэ.
7Уордайбыт ыраахтааҕы иһэ олорбут арыгытын киэр анньаат ойон туран, дыбарыаһын саадыгар тахсан барбыта. Аман буоллаҕына, ыраахтааҕы кини дьылҕатын хайыы үйэ быһаарбытын көрөн, Эсфирь сарыыссаттан өлөртөрүмэ диэн көрдөһөөрү, дьиэҕэ хаалбыта.
8Ыраахтааҕы дыбарыас саадыттан малааһын саалатыгар төннөн киирэн көрбүтэ, арай Аман Эсфирь олбоҕор сыста түһэн сөһүргэстээн турара. Ону көрөн ыраахтааҕы: «Көр эрэ, өссө мин баарбар кытта бэйэлээх бэйэм дьиэм иһигэр сарыыссаны атаҕастаары гыммыт буола-буола!» – диэн баргыйбыта.
Ыраахтааҕы итини этиэ кэрэх – Аман сирэйин таҥаһынан саба бүрүйбүттэрэ. 9Онуоха ыраахтааҕыга үлэлиир аттакылартан биирдэстэрэ Харбона эппитэ: «Аман били ыраахтааҕыны үтүө тылынан быыһаабыт Мардохейы ыйатаары мас остуолбаны туруортарбыта. Ол биэс уон тоҕонох үрдүктээх остуолба хайыы үйэ Аман дьиэтин иннигэр турар».
«Онно бэйэтин ыйааҥ!» – диэн дьаһайбыта ыраахтааҕы. 10Аманы таһааран били Мардохейга бэлэмнээбит остуолбатыгар ыйаан кэбиспиттэрэ. Ыраахтааҕы уора-кылына онуоха эрэ уҕарыйбыта.

Tällä hetkellä valittuna:

Эсфирь 7: СБК

Korostus

Jaa

Kopioi

None

Haluatko, että korostuksesi tallennetaan kaikille laitteillesi? Rekisteröidy tai kirjaudu sisään