Эсфирь 9:20-22

Эсфирь 9:20-22 СБК

Мардохей ити туһунан барытын суруйан баран, ол суруктарын Ахашверош ыраахтааҕы саарыстыбатын бары муннугар, ыраах уобаластарга да, чугас эргин да олорор иудейдарга бука барыларыгар ыыталаан, кинилэр адар ый уон төрдүс, уон бэһис күннэрин сыллата бэлиэтииллэригэр дьаһайбыта. Ити күннэргэ иудейдар өстөөхтөрүттэн быыһанан, кутурҕаннара үөрүүгэ, оттон ытабыллара бырааһынньыкка кубулуйбута. Онон Мардохей бу икки күн малааһын, үөрүү-көтүү дьоро кэмэ буоллун, дьон хардарыта күндүлэһэн бэйэ-бэйэлэригэр кэһии ыытыстыннар, дьадаҥыларга бэлэх биэрдиннэр диэн суруйбута.