1
Лука 12:40
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Эһиги эмиэ бэлэм олоруҥ: Киһи Уола эһиги үөйбэтэх-ахтыбатах түгэҥҥитигэр тиийэн кэлиэҕэ».
Vergleichen
Studiere Лука 12:40
2
Лука 12:31
Туохтааҕар даҕаны эһиги Таҥара Саарыстыбатыгар дьулуһуҥ, оччоҕо ити барыта эһиэхэ бэриллиэҕэ.
Studiere Лука 12:31
3
Лука 12:15
Итиэннэ барыларыгар туһаайан эппитэ: «Харам буолартан сэрэниҥ: киһи олоҕо кини төһө баайдааҕыттан тутулуга суох».
Studiere Лука 12:15
4
Лука 12:34
Баайгыт-дуолгут ханна баар да, сүрэххит эмиэ онно буолуо.
Studiere Лука 12:34
5
Лука 12:25
Уонна дьэ эһигиттэн хайаҕыт эмэ, хайдахтаах да кыһаллан-мүһэллэн туран, уҥуоҕун саатар биир тоҕонох уһатынар кыахтаах дуо?
Studiere Лука 12:25
6
Лука 12:22
Итиэннэ үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Ол иһин эһиэхэ этэбин: тугу аһаан-сиэн тыыннаах сылдьабыт, тугу таҥнан-саптан киһи-хара буолабыт диэн санааҕа ылларымаҥ.
Studiere Лука 12:22
7
Лука 12:7
Оттон эһиги оннооҕор баттаххыт ахсаана кытта ааҕыллан турар. Онон куттанымаҥ: эһиги барабыайдааҕар быдан күндүгүт.
Studiere Лука 12:7
8
Лука 12:32
Бараан кыра үөрэ, куттаныма! Аҕаҕыт эһиэхэ Саарыстыбатын биэриэн баҕарар.
Studiere Лука 12:32
9
Лука 12:24
Суордары көрүҥ: бурдук ыспаттар да, быспаттар да, баай да мунньар, бурдук да уурар ампаардара суох, ол эрээри кинилэри Таҥара аһатар, оттон эһиги көтөрдөөҕөр төһөлөөх ордуккутуй?
Studiere Лука 12:24
10
Лука 12:29
Онон тугу аһыыбыт-сиибит диэн санааҕа ылларымаҥ, ол туһуттан дьиксинимэҥ.
Studiere Лука 12:29
11
Лука 12:28
Хонууга үүнэн турар бүгүн баар, оттон сарсын оһоххо быраҕыллар оту Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини өссө ордук симиэ суоҕа дуо?
Studiere Лука 12:28
12
Лука 12:2
Кистэлэҥ арыллыбатаҕа диэн суох, кистэммит биллибэтэҕэ диэн эмиэ суох.
Studiere Лука 12:2
Home
Bibel
Lesepläne
Videos