Logo YouVersion
Eicon Chwilio

Эсфирь 9

9
Өстөөхтөрү өһөрүү
1Уон иккис ый, атыннык эттэххэ, адар ый уон үһүс күнүгэр ыраахтааҕы ыйааҕа туолар болдьохтоох кэмэ тирээн кэлбитэ. Өстөөхтөр ити күн иудейдары хотон өрөгөйдүөхпүт диэн эрэммиттэрэ эрээри, барыта түҥнэри эргийбитэ: иудейдар бэйэлэрэ өстөөхтөрүн хоппуттара. 2Кинилэргэ уодаһыннаах суолу оҥоруохтарын баҕарбыт хара санаалаахтары самнараары, иудейдар Ахашверош ыраахтааҕы бас билэр хас биирдии уобалаһын ахсын түмсүбүттэрэ. Норуоттар бука бары улаханнык саллыбыт буоланнар, иудейдары ким да утарылаһа барбатаҕа. 3Уобалас салайааччылара, баһылыктар, тойоттор уонна ыраахтааҕы үлэһиттэрэ бука бары Мардохейтан куттанан, иудейдары өйүүллэрэ. 4Мардохей дыбарыаска улахан ыйааһыннаах киһи буолбута, кини суон сураҕа бары уобалаһы барытын тилийэ көппүтэ. Күнтэн күн Мардохей сабыдыала күүһүрэн иһэрэ.
5Онон иудейдар өстөөхтөрүн барыларын суох оҥорон, кылыһынан кырган, өлөрөн-өһөрөн имири эспиттэрэ – кинилэри абааһы көрөөччүлэри бука барыларын талбыттарынан дьаһайбыттара. 6Аҥаардас Сузыга, бөҕөргөтүнүүлээх куоракка, иудейдар биэс сүүс киһини өлөрбүттэрэ. 7Олор истэригэр Паршандафа, Далфон, Асфафа, 8Порафа, Адалья, Аридафа, 9Пармашфа, Арисай, Аридай уонна Вайезафа – 10иудейдар өстөөхтөрө Амадаф уолун Аман уон уолаттара бааллара. Ол эрээри иудейдар кими да халыы-талыы барбатахтара.
11Сузы бөҕөргөтүнүүлээх куоратыгар төһө киһини өлөрбүттэрин ыраахтааҕыга сол күн тиэрдибиттэрэ. 12Ыраахтааҕы Эсфирь сарыыссаҕа эппитэ: «Сузыга иудейдар биэс сүүс киһини, ол иһигэр Аман уон уолун кырган өлөрбүттэр. Оттон саарыстыба атын уобаластарыгар тугу оҥорбуттара эбитэ буолла? Эн миигиттэн өссө туох көрдөһүүлээххиний? Мин эйиэхэ барытын биэриэм. Онон өссө тугу көрдөһөҕүн? Ол барыта туолуо».
13«Ыраахтааҕы сөптөөх диир буоллаҕына, – диэбитэ киниэхэ Эсфирь, – Сузы иудейдара сарсын эмиэ бу бүгүҥҥү ыйааҕы толороллоро көҥүллэннин. Оттон Аман уон уолун өлүгүн мас остуолбаҕа ыйаатыннар».
14Онон ыраахтааҕы дьаһалынан кини ыйааҕын Сузы куоракка иһитиннэрэн баран, Аман уон уолун өлүгүн остуолбаҕа ыйаан кэбиспиттэрэ. 15Сузыга олорор иудейдар хат түмсэн, адар ый уон төрдүс күнүгэр куоракка өссө үс сүүс киһини өлөрбүттэрэ, ол гынан баран кими да халыы-талыы барбатахтара.
16Ыраахтааҕы бас билэр сиригэр барытыгар атын иудейдар бэйэлэрин көмүскэнэн, өстөөхтөрүттэн өрүһүнээри, эмиэ бииргэ түмсэн, сэттэ уон биэс тыһыынча өстөөҕү өлөрбүттэрэ, ол гынан баран эмиэ кими да халыы-талыы барбатахтара. 17Ити адар ый уон үһүс күнүгэр буолбута, оттон ый уон төрдүс күнүгэр кинилэр бука бары сынньаммыттара – иудейдарга малааһын, үөрүү-көтүү дьоро күнэ үүммүтэ.
18Сузы иудейдара ый уон үһүс, уон төрдүс күннэригэр бары бииргэ түмсүбүттэрэ, оттон уон бэһис күнүгэр сынньаммыттара – кинилэргэ эмиэ малааһын, үөрүү-көтүү дьоро күнэ үүммүтэ. 19Оттон дэриэбинэ олохтоохторугар, тыа сирин иудейдарыгар, үөрүү-көтүү, малааһын, бырааһынньык адар ый уон төрдүс күнүгэр түбэспитэ. Дьон-сэргэ бу бырааһынньыгы бэлиэтээн, бэйэ-бэйэлэригэр кэһии ыытыһар буолбуттара.
Пурим бырааһынньыга
20Мардохей ити туһунан барытын суруйан баран, ол суруктарын Ахашверош ыраахтааҕы саарыстыбатын бары муннугар, ыраах уобаластарга да, чугас эргин да олорор иудейдарга бука барыларыгар ыыталаан, 21кинилэр адар ый уон төрдүс, уон бэһис күннэрин сыллата бэлиэтииллэригэр дьаһайбыта. 22Ити күннэргэ иудейдар өстөөхтөрүттэн быыһанан, кутурҕаннара үөрүүгэ, оттон ытабыллара бырааһынньыкка кубулуйбута. Онон Мардохей бу икки күн малааһын, үөрүү-көтүү дьоро кэмэ буоллун, дьон хардарыта күндүлэһэн бэйэ-бэйэлэригэр кэһии ыытыстыннар, дьадаҥыларга бэлэх биэрдиннэр диэн суруйбута. 23Инньэ гынан Мардохей иудейдарга суруйбутун курдук, бу бырааһынньык норуот үйэлээх үгэһигэр кубулуйбута.
24Агаг удьуорун Амадаф уола Аман, бары иудейдар кыр өстөөхтөрө, иудейдары имири соторго сорунан, кинилэри самнаран төрдүттэн эһээри, «пур» (түөрэх) бырахпыта. 25Ол гынан баран Эсфирь ыраахтааҕыга тиийбитигэр анарааҥҥыта ыйаах таһааран, Аман иудейдары утарар хара дьайдаах соругун бэйэтин утары эргиппитэ: кинини уолаттарын кытта остуолбаҕа ыйаан кэбиспиттэрэ. 26Ол иһин ити күннэри «пур» диэн тылтан таһааран, Пурим диэн ааттаабыттара.
Иудейдар илдьит сурукка уонна илэ харахтарынан көрбүт, эттэринэн-хааннарынан билбит быһыыларыгар-майгыларыгар олоҕуран, 27бэйэлэригэр да, кэнэҕэски удьуордарыгар уонна кинилэргэ холбоспут атын да дьоҥҥо бука барыларыгар анаан икки күнү, хайдах ыйыллыбытын-бигэргэммитин курдук, сылтан сыл көтүппэккэ бэлиэтиир үгэһи ылынан олоххо киллэрбиттэрэ. 28Онон ити күннэри уобалас-уобалас, куорат-куорат аайы хас биирдии көлүөнэ, хас биирдии дьиэ кэргэн умнубакка бэлиэтиир буолбута. Иудейдар Пурим күннэрин хаһан да умнубатыннар, кинилэр удьуордара эмиэ ити туһунан өрүү өйдүү-саныы сырыттыннар!
29Абихаил кыыһа Эсфирь сарыысса былааһын толору туһанан, Мардохей иудейы кытта бииргэ Пурим бырааһынньыгын туһунан инники суруллубут илдьит суругу бигэргэппитэ. 30Онон ити илдьити, эйэ уонна куттал суох буолуутун туһунан баҕа санааларын онно эбии киллэрэн баран, Ахашверош саарыстыбатын сүүс сүүрбэ сэттэ уобалаһын иудейдарыгар бука барыларыгар ыыппыттара. 31Дьэ ити курдук Мардохей иудей Эсфирь сарыыссалыын уурбут уураахтарынан итиэннэ иудейдар бэйэлэригэр уонна кэнэҕэски ыччаттарыгар анаан быһаарбыттарынан, астан туттунар ытабыл кэмэ олохтоммутун курдук, аны Пурим күннэрин бырааһынньыга олохтоммута. 32Эсфирь дьаһал биэрэн Пурим бырааһынньыгын бигэргэппитэ. Ол туһунан барыта кинигэҕэ#9:32 ...кинигэҕэ... – манна Эсфирь кинигэтиттэн атын – Пурим бырааһынньыга хайдах олохтоммутун кэпсиир – кинигэ туһунан этиллэр. суруллан турар.

Dewis Presennol:

Эсфирь 9: СБК

Uwcholeuo

Rhanna

Copi

None

Eisiau i'th uchafbwyntiau gael eu cadw ar draws dy holl ddyfeisiau? Cofrestra neu mewngofnoda