Саалтыр 9
9
1Хуор салайааччытыгар. Альмут Лаббен#9:1 Бу музыканнарга аналлаах ыйыы-кэрдии буолуон сөп, чуолкай суолтата биллибэт. матыыбынан. Давид псалома.
2 Айыы Тойону мин айхаллыам бүтүн сүрэхпинэн,
Эн бары дьикти дьайыыгын иһитиннэриэм.
3Эйигиттэн үөрүөм-көтүөм, өрөгөйдүөм,
Эн ааккар ыллыам, оо, Үрдүктэн Үрдүкү.
4Өстөөхтөрүм тэскилээн иһэннэр, сүһүөхтэрин сүтэрдилэр,
Эн көрөн турдаххына кинилэр өллүлэр.
5Мин кырдьыктаах дьыалабын Эн көмүскээтиҥ;
Эн бүрүстүөлгэр олордуҥ, кырдьыгы көрөр Судьуйа.
6Омуктары дьарыйтаатыҥ, хара дьайдааҕы өлөрдүҥ,
кинилэр ааттарын үйэлэргэ күөрэйбэттии өһөрдүҥ.
7Өстөөх бүтэһиктээхтик хоттордо,
кинилэр куораттарын Эн урусхал оҥордуҥ,
ким да аны кинилэри өйдүү-саныы сылдьыа суоҕа.
8Оттон Айыы Тойон үйэлэр тухары ыраахтааҕылыыр;
Кини дьүүллүүр бүрүстүөлүн бэлэмнээн турар.
9Кини аан дойдуну кырдьыктаахтык дьүүллүөҕэ,
бары норуоттары көнөтүк дьүүллүөҕэ.
10 Айыы Тойон – баттаммыттар халыҥ хаххалара,
кутурҕаннаах кэмнэригэр суон дурдалара.
11 Айыы Тойон, Эйигин көрдөөччүлэри хаалларбатыҥ иһин,
Эн ааккын билэр дьон Эйиэхэ эрэнэллэр.
12Ыллааҥ Сиоҥҥа олорор Айыы Тойоҥҥо айхал ырыаларын,
норуоттар ортолоругар иһитиннэриҥ Кини дьайыыларын.
13Кини, хаан тохтуутун иэстэһээччи,
эрэйи көрбүттэри өйдүү-саныы сылдьар,
кинилэр энэлгэннэрин умнубат.
14-15Абыраа-аһын, Айыы Тойон,
абааһы көрөөччүлэртэн мин хайдах эрэйдэнэрбин көр;
Эн бары килбиэннээх дьайыыгын
Сион кыыһын олбуорун ааныгар иһитиннэрэрим туһугар,
Эн миигин өлүү айаҕыттан өрүһүйэҕин;
Эйиэхэ быыһатан, мин өрөгөйдүөҕүм.
16Омуктар бэйэлэрэ хаспыт оҥкучахтарыгар түстүлэр,
кистээн оҥорбут угаайыларыгар түбэстилэр.
17 Айыы Тойон, көнөтүк дьүүллээн, Бэйэтин биллэрдэ,
оттон нэгэйи аньыылаах дьайыыта дэҥ үктэттэ. Хиггайон
18Үтүгэн түгэҕэр дьүгэлийиэхтэрэ мөкү быһыылаахтар,
Таҥараны умнар бары норуоттар.
19Кыһалҕалаах букатыннаахтык умнуллуо суоҕа,
дьадаҥы эрэлэ бүтэһиктээхтик умуллуо суоҕа.
20Оо, тур, Айыы Тойон! Өлөр үйэлээхтэр өрөгөйдөөбөтүннэр,
норуоттар Эн иннигэр кэлэн дьүүллэнниннэр.
21Толуннар кинилэри, Айыы Тойон;
норуоттар биллиннэр: кинилэр баара-суоҕа дьоннор эрэ. Села
22 Айыы Тойон, тоҕо Эн ыраах тураҕын?
Тоҕо кутурҕан кэмигэр көстүбэт буолаҕын?
23Улуутумсуйан, бардамнар дьадаҥыны кыһарыйаллар –
уодаһыннаах угаайыларыгар бэйэлэрэ түбэстиннэр.
24Хара саҥнаахтар сүрэхтэрин имэҥинэн киһиргэнэллэр,
харамнар Айыы Тойону холуннараллар, киэр анньаллар.
25Бэрдимсийэн, нэгэй киһи Таҥараны аахайбат:
ирдиэ суоҕа диир, санаата барыта Таҥара суох диэн.
26Хайа да кэмҥэ кини дьыалата-куолута табыллар;
Эн дьүүлүҥ киниэхэ аһары ыраах, көстүбэт;
кини өстөөҕүн барытын күөнүн аннынан көрөр.
27Иһигэр туох да биһигини түөрэҥнэтиэ суоҕа,
хайа да көлүөнэҕэ эрэйи-буруйу көрсүөхпүт суоҕа диир.
28Айаҕын иһэ толору – кырыыс, албын-көлдьүн, суоһурҕаныы;
тылын анна барыта – өһөгөй, үөҕүү-таныйыы.
29Кини, тоһуур оҥорон, онно саһан олорор,
бүөм сиргэ түбэһиннэрэн, буруйа суоҕу өлөрөр;
кини хараҕа көмүскэлэ суоҕу кэтиир.
30Ордуутугар саспыт хахайдыы, хаххаҕа сытан манаһар,
дьадаҥыны тутардыы, тоһууругар кини саһар;
уонна, киһини харбаан ылан, илимигэр соһон барар.
31Булдун сууһаран, анныгар хам баттыыр,
дэгиэ тыҥыраҕынан дьадаҥыны тыын салгыыр.
32«Таҥара умунна, – диир кини иһигэр, –
сирэйин кистии тутунна, хаһан да маны көрүө суоҕа».
33Оо, тур, Айыы Тойон; охсор илиигин көтөх, Айыы Таҥара;
умнума баттаммыттары.
34Тоҕо нэгэйдэр Таҥараны билиммэттэрий,
истэригэр Эйигин ирдэһиэ суоҕа дииллэрий?
35Эн барытын көрөҕүн; тус Бэйэҥ илиигинэн төлөөрү,
атаҕастабылы, күөмчүлээһини бэлиэтии көрөҕүн;
дьадаҥы олоҕун Эйиэхэ эрэнэр;
тулаайахха Эн көмөлөһөҕүн.
36Оо, тоһут хара дьайдаах, хатааннаах киһи илиитин,
кини дьайын, көрдөөн да булбатыҥ курдук, симэлит.
37 Айыы Тойон – өрүүтүн, үйэлэр тухары Ыраахтааҕы;
Таҥараны итэҕэйбэт омуктар Кини сириттэн сүтүөхтэрэ.
38-39 Айыы Тойон, Эн истиэҕиҥ сэмэйдэр баҕаларын,
бөҕөргөтүөҕүҥ кинилэр санааларын;
аны биир да киһи сир үрдүгэр куттаабатын туһугар,
тулаайах, баттаммыт кырдьыгын көмүскээри,
Эн болҕойуоҕуҥ кинилэр көрдөһүүлэрин.
Currently Selected:
Саалтыр 9: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022