Саалтыр 21
21
1Хуор салайааччытыгар: «Сарыал табатын» матыыбынан. Давид псалома.
2Таҥарам, Таҥарам миэнэ, Эн тоҕо миигин хааллардыҥ?
Тоҕо миигиттэн маннык ыраатан,
энэлийэр саҥабын истэн көмөлөспөт буоллуҥ?
3Оо, Таҥарам! Күнүс Эйигин ыҥырабын – хардарбаккын,
түүн ыҥырабын – уоскулаҥы булбаппын.
4Ол эрэн, Сибэтиэй, Эн бүрүстүөлгэ олороҕун,
Израиль Эйигин уруйдуур-айхаллыыр.
5Эйиэхэ биһиги өбүгэлэрбит эрэнэллэрэ,
Эйиэхэ эрэнэллэрэ, ол иһин Эн кинилэри өрүһүйэриҥ.
6Эйигин ыҥыраллара, ол иһин быыһаан ыларыҥ,
Эйиэхэ эрэнэллэрэ, онон кыбыстыыга киирбэтэхтэрэ.
7Оттон мин чиэрбэбин, киһи буолбатахпын,
дьон элэгэр, норуот сэнэбилигэр сылдьабын.
8Көрбүт эрэ барыта миигин күлүү оҥостор,
чыпчырынан ылар, баһын быһа илгистэр:
9«Айыы Тойоҥҥо эрэнэрэ бэрдэ, онон Киниэхэ өрүһүйтэрдин,
оннук сөбүлэппит буоллаҕына, быыһаттын».
10Эн миигин ис түгэҕиттэн таһаарбытыҥ,
ийэм түөһүгэр сыһыары тутан, миигин харыстаабытыҥ.
11Төрүөхпүттэн мин Эйиэхэ бэриллибитим,
ийэм иһигэр эрдэхпиттэн Эн миэхэ Таҥарам этиҥ.
12Миигиттэн ыраатыма – мин сору-муҥу көрөрүм чугаһаата,
көмөлөһүннэриэх киһим кимим да суох.
13Оҕус үөрэ миигин тулалаата,
Васан дьиикэй сүөһүтэ иилээтэ.
14Тырыта тыытаары ырдьыгыныыр хахайдардыы,
маҥалайдарын аппыттар.
15Мин уу курдук тоҕуннум,
уҥуоҕум барыта босхо барда;
сүрэҕим буоска курдук буолла,
агдам иһигэр уулунна.
16Күүһүм-күдэҕим үгдэрийдэ,
күөс үлтүркэйинии мин куура хаттым;
тылым таҥалайбар хам сыһынна;
Эн миигин иин куоппаһыгар түһэрдиҥ.
17Ыттар миигин төгүрүйдүлэр;
тулабар хара дьайдаахтар үмүөрүстүлэр,
илиибин-атахпын дьөлүтэ астылар.
18Уҥуоҕум барыта, ааҕыллар гына, адыгыраан таҕыста;
кинилэр буоллаҕына миигин көрөн, одуулаан тураллар.
19Бэйэлэрин икки ардыларыгар таҥаспын үллэстэллэр,
таҥаспын ылаары, түөрэх кэбиһэллэр.
20Оттон Эн, Айыы Тойон, миигиттэн тэйимэ;
оо, мин күүһүм-тирэҕим, миэхэ көмөҕө тиэтэй!
21Өрүһүй мин дууһабын кылыстан,
олохпун – ыттартан!
22Быыһаа хахай маҥалайыттан,
дьиикэй оҕустар муостарыттан, миигин истэн, көмүскээ!
23Эн ааккын мин бырааттарбар иһитиннэриэм,
түмсүү ортотугар Эйигин айхаллыам.
24 Айыы Тойонтон куттанааччылар, Кинини айхаллааҥ!
Иаков удьуордара бары, Кинини уруйдааҥ!
Дириҥник ытыктааҥ Кинини, Израиль дьоно бука!
25Кини кыһалҕалаах киһи эрэйдэнэрин
аахайбакка хаалларбатаҕа, кинини сэнээбэтэҕэ;
сирэйин киниттэн кистээбэтэҕэ,
көмөҕө ыҥырбытыгар истибитэ.
26Мин, улуу түмсүүгэ киирэммин, Эйигин уруйдуом;
Эйигиттэн толлор дьон иннигэр эрэннэрбиппин толоруом.
27Дьадаҥылар аны дуоһуйа аһыыр буолуохтара;
Айыы Тойону көрдөөччүлэр Кинини уруйдуохтара.
Үйэлэр тухары эһиги сүрэххит тэбиэхтин!
28Сир бары уһуктара, өйдөөннөр,
Айыы Тойоҥҥо эргиллиэхтэрэ;
бары норуоттар уустара Киниэхэ сүгүрүйүөхтэрэ.
29 Айыы Тойон Саарыстыбаны салайар,
Кини норуоттар Баһылыктара.
30Сир бары күүстээхтэрэ Киниэхэ сүгүрүйүөхтэрэ;
иин быылыгар түһэн эрээччилэр,
тыыннаах хаалар кыахтара суохтар эмиэ бары
Кини иннигэр нөрүөн нөргүйүөхтэрэ;
31Кэнчээри ыччаттар Киниэхэ үлэлиэхтэрэ,
кэлэр көлүөнэлэргэ Айыы Тойон туһунан кэпсиэхтэрэ,
32кэнэҕэс төрүүр дьоҥҥо Кини кырдьыктаах быһыытын,
Кини тугу оҥорбутун иһитиннэриэхтэрэ.
Currently Selected:
Саалтыр 21: СБК
Highlight
Share
Copy

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022