YouVersion Logo
Search Icon

Матфей 6:16-18

Матфей 6:16-18 СБК

Поһу тутуһар кэмҥитигэр сирэй көрбөхтөргө дылы саппаҕырбыт дьүһүннэнимэҥ, кинилэр аһаабакка сылдьалларын дьоҥҥо көрдөрө-биллэрэ сатаан саппаҕырбыт сирэйдэнэллэр. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кинилэр манньаларын хайыы-үйэ толору ылан эрэллэр. Оттон эн поһу тутуһар кэмҥэр баттаххын тараан, сирэйгин суун, онон астан туттунаргын көстүбэт Аҕаҕар көрдөр; оччоҕо көстүбэти көрөр Аҕаҥ эйиэхэ илэ бааччы төлүөҕэ.