YouVersion Logo
Search Icon

Матфей 2

2
Илинтэн муударай өйдөөхтөр кэлиилэрэ
1Иудея Вифлеем диэн куоратыгар, Ирод ыраахтааҕылыырын саҕана, Иисус төрөөбүтүгэр Иерусалимҥа илинтэн муударай өйдөөхтөр кэлбиттэрэ. 2Кинилэр: «Иудейдар саҥа төрөөбүт Ыраахтааҕылара ханнаный? Илин халлааҥҥа Кини сулуһа тахсыбытын көрөммүт, биһиги Киниэхэ сүгүрүйэ кэллибит», – диэн ыйыталаһаллара.
3Маны истээт, Ирод ыраахтааҕы уонна Иерусалим дьоно бары аймана түспүттэрэ. 4Ирод ыраахтааҕы архиерейдары уонна норуот сокуонньут дьонун барыларын хомуйан олорон, Христос ханна төрүөхтээҕин ыйыппыта. 5«Кини Иудея Вифлеемигэр төрүөхтээх, – диэн хоруйдаабыттара. – Ол туһунан пророк кинигэтигэр бу курдук суруллан турар: 6„Эн, Вифлеем, Иуда сирэ, Иуда атын куораттарыттан тугунан да итээбэтиҥ: Мин норуоппун, Израилы, быыһыыр-харыстыыр Сирдьит эйигиттэн үөскүөхтээх“».
7Онтон Ирод, илинтэн кэлбит дьону чып кистэлэҥинэн ыҥыран ылан, сулус ханнык кэмҥэ тахсыахтааҕын ыйыталаһан билбитэ 8уонна кинилэри Вифлеемҥэ ыытаары туран эппитэ: «Бараҥҥыт Оҕо туһунан ымпыгар-чымпыгар тиийэ барытын билиҥ. Итиэннэ, булларгыт эрэ, миэхэ биллэрээриҥ, оччоҕо мин эмиэ Киниэхэ сүгүрүйэ барыам».
9Кинилэр ыраахтааҕы этэрин истээт, айаҥҥа туруммуттара. Били илин халлааҥҥа көрбүт сулустара иннилэригэр айаннаан, Оҕо баар сирин үрдүгэр тиийэн тохтообута. 10Сулуһу көрөн кинилэр үөрүү улуутун үөрбүттэрэ, 11итиэннэ дьиэҕэ киирэн Оҕону уонна Ийэтин – Марияны – көрөн, Кини иннигэр сөһүргэстээн сүгүрүйбүттэрэ, онтон күндү кылааттаах холбукаларын аһан кыһыл көмүһү, лааданы, смирнаны#2:11 Лаадан – лаадан маһыттан ылыллар үчүгэй сыттаах сымала; смирна – илиҥҥи дойдуларга өлбүт киһини оҕунуохтуурга туттуллар үчүгэй сыттаах сымала. Киниэхэ бэлэх биэрбиттэрэ.
12Түһээтэхтэринэ, Таҥара кинилэри «Иродка төннүмэҥ» диэн сэрэппитин истэн, дойдуларыгар атын суолунан төннүбүттэрэ.
Египеккэ куотуу
13Илинтэн кэлбит дьон төннүбүттэрин кэннэ, Айыы Тойон Аанньала түүн Иосиф түүлүгэр көстөн эппитэ: «Ирод Оҕону өлөрөөрү ирдэһэр санаалаах, онон эн тураҥҥын, Оҕону уонна Ийэтин илдьэ, Египеккэ куот итиэннэ хаһан ыҥырыахпар диэри, онно олор».
14Иосиф туран, Оҕону уонна Кини Ийэтин Марияны илдьэ Египеккэ барбыта, 15онно тиийэн, Ирод өлүөр диэри олорбута. Бу барыта Айыы Тойон пророгунан: «Мин Уолбун Египеттэн ыҥырдым», – диэн этиппитин туолуута этэ.
16Илинтэн кэлбит дьоҥҥо албыннаппытын билэн, Ирод улаханнык уордайбыта. Ол иһин, чопчу ыйдарбыт кэминэн быһааран, Вифлеемҥэ уонна ол эргин сирдэргэ баар иккитигэр диэри саастаах уол оҕолору барыларын кыргарга соруйан дьону ыыппыта. 17Онон Иеремия пророк эппитэ бу курдук туолбута: 18«Рамаҕа хаһыы-ыһыы, ытабыл-соҥобул иһиллэр, энэлгэн, үөгү эҥсиллэр. Рахиль оҕолорун аһыйан айманар, оҕолорун мэлитэн, уоскуйуон да баҕарбат».
Назарекка төннүү
19Ирод өлбүтүн кэннэ, Айыы Тойон Аанньала Египеккэ олорор Иосиф түүлүгэр көстөн: 20«Тур, Оҕо дууһатыгар суудайааччылар өллүлэр. Оҕону Ийэтин кытта илдьэ Израиль сиригэр төнүн», – диэбитэ.
21Иосиф туран, Оҕону уонна Кини Ийэтин ылан Израиль сиригэр барбыта. 22Иудеяҕа Ирод оннугар уола Архелай баһылыктыырын билэн, онно барартан дьиксиммитэ, онон түүлүгэр суолун ыйдаран, Галилея сиригэр кэлбитэ; 23манна кэлэн Назарет куоракка олохсуйбута. Онон пророктар «Кини Назорей аатын ылыаҕа» диэн эппиттэрэ туолбута.

Currently Selected:

Матфей 2: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in