YouVersion Logo
Search Icon

Лука 7

7
Рим сотнигын итэҕэлэ
1Иисус норуокка этэр тылын түмүктээн баран, Капернаумҥа киирбитэ. 2Онно биир сотник күндүтүк саныыр кулута ыалдьан өлөөрү сытара. 3Сотник Иисус туһунан истэн, кэлэн кулуппун үтүөртүн диэн көрдөһүннэрэ, иудей аҕа баһылыктарын ыыппыта. 4Кинилэр Иисуска кэлэн, биһигини кытта барыс диэн итэҕэтиилээхтик көрдөспүттэрэ: «Эн көмө оҥороргор кини бэрт сөптөөх киһи – 5биһиги норуоппутун таптыыр буолан биһиэхэ синагога туттаран биэрбитэ». 6Иисус кэлбит дьону кытта барсыбыта.
Дьиэҕэ чугаһаан истэҕинэ сотник Киниэхэ доҕотторунан илдьит ыыппыта: «Тойонуом, эрэйдэнимэ! Мин Эйигин дьиэбэр киллэрэр кыахтаах үтүө киһи буолбатахпын; 7ол иһин Эйиэхэ бэйэм да тиийэрим сөптөөх дии санаабатым. Эн биир тылы этиэҥ эрэ кэрэх – кулутум экчи үтүөрүө. 8Мин төһө да бэйэм бас бэринэр тойоттордоох буолларбын, бэйэм эмиэ бас билэр буойуннардаахпын, олортон биирдэрин бар диэтэхпинэ, барар; атынын кэл диэтэхпинэ, кэлэр; чаҕарбын эмиэ итини оҥор диэтэрбин эрэ, оҥорор».
9Иисус маны истэн сөҕөн, батыһан иһэр дьоҥҥо эргиллибитэ: «Эһиэхэ этэбин, Мин Израильга даҕаны маннык итэҕэли булбатаҕым». 10Сорукка ыытыллыбыт дьон дьиэҕэ төннөн кэлиилэригэр ыалдьыбыт#7:10 Ыалдьыбыт – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. чаҕар хайыы-үйэ үтүөрэн тоһуйбута.
Наин куорат огдооботун уолун тилиннэрии
11Бу кэнниттэн Иисус Наин диэн куоракка барбыта; Кинини кытта үгүс үөрэнээччилэрэ#7:11 Үгүс үөрэнээччилэрэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «үөрэнээччилэрэ». уонна көй элбэх дьон барсыбыттара. 12Кини куорат ааныгар чугаһаан истэҕинэ, биир ийэ соҕотох уола өлбүтүн утары таһааран иһэллэрэ. Дьахтар огдообо этэ. Кинини кытта куорат үгүс олохтоохторо хаамсан иһэллэрэ. 13Айыы Тойон огдообону көрөн аһынан: «Ытаама», – диэбитэ уонна 14чугаһаан кэлэн хоруобу таарыйбыта, онуоха көтөҕөн иһээччилэр тохтообуттара; Иисус эппитэ: «Эдэр киһи, эйиэхэ этэбин – тур!»
15Өлбүт киһи өндөйөн олоро түһээт, саҥарбытынан барбыта; Иисус кинини ийэтигэр туттарбыта.
16Бары саллан: «Биһиэхэ улуу Пророк баар буолбут! Таҥара Бэйэтин норуотугар көмөлөһө кэлбит!» – диэн Таҥараны айхаллаабыттара. 17Кини туһунан маннык сурах бүтүн Иудея устун тарҕанан, тулатынааҕы сирдэри эмиэ тилийэ көппүтэ.
Иисус Христос уонна Иоанн Сүрэхтээччи
18Иоанн итини барытын үөрэнээччилэриттэн истэн баран, 19икки үөрэнээччитин ыҥыран ылан, «Кэлиэхтээх Эн буолаҕын дуу, эбэтэр атыны күүтэбит дуу?» диэн ыйыттара Иисуска ыыппыта.
20Илдьиттэр Киниэхэ кэлэн эппиттэрэ: «Иоанн Сүрэхтээччи биһигини Эйигиттэн ыйыттара ыытта: Кэлиэхтээх Эн буолаҕын дуу, эбэтэр атыны күүтэбит дуу?»
21Бу кэмҥэ Иисус элбэх киһини ыарыыттан, кыаммат буолууттан, куһаҕан тыыннартан үтүөрдүбүтэ, үгүс хараҕа суохтарга күн сырдыгын бэлэхтээбитэ. 22Иисус кэлбит дьоҥҥо эппитэ: «Баран тугу көрбүккүтүн-истибиккитин Иоаҥҥа кэпсээҥ: хараҕа суохтар харахтаналлар, доҕолоҥнор атахтаналлар, араҥ ыарыылаахтар ырааһыраллар, дьүлэйдэр истэр буолаллар, өлбүттэр тиллэллэр, оттон дьадаҥылар Үөрүүлээх Илдьити истэллэр. 23Миигин саарбахтаабат киһи алгыстаах».
Иисус Христос Иоанн Сүрэхтээччи туһунан
24Иоанн ыыппыт дьоно төннүбүттэрин кэннэ, Иисус кини туһунан норуокка маннык эппитэ: «Эһиги кураайы куйаарга тугу көрө бара сылдьыбыккытый? Тыал хамсатар хомуһун дуо? 25Тугу көрө бара сылдьыбыккытый? Мааны таҥаска сууламмыт киһини көрөөрү дуо? Баайдык таҥнааччылар, дэлэгэй олохтоохтор дыбарыаска олороллор. 26Тугу көрө бара сылдьыбыккытый? Пророгу дуо? Соннук, эһиги пророгу көрбүккүт; өссө этэбин: эһиги пророктааҕар да улаханы көрбүккүт. 27Суруйууларга кини туһунан этиллибитэ: „Көр бу, Мин илдьит киһибин Эн иннигэр ыытабын, кини Эн барар суолгун солуоҕа“. 28Эһиэхэ этэбин: Иоаннааҕар улуу пророк#7:28 Иоаннааҕар улуу пророк – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Иоаннааҕар улуу ким да». ийэттэн төрүү илик, ол гынан баран Таҥара Саарыстыбатыгар саамай кыралара да кинитээҕэр улахан».
(29Иисуһу истибит дьон бука бары, бэл, түһээн хомуйааччылар, Таҥара кырдьыктааҕын билиммиттэрэ; кинилэр Иоаҥҥа сүрэхтэммит этилэр; 30оттон фарисейдар уонна сокуонньуттар киниэхэ сүрэхтэммэккэ, Таҥара көҥүлүн бэйэлэриттэн тэйиппиттэрэ.)
31Ол иһин Айыы Тойон эппитэ: «Субу көлүөнэ дьону кимиэхэ тэҥниэмий? Кинилэр ким курдуктарый? 32Кинилэр таһырдьа олорон бэйэ-бэйэлэригэр „Биһиги флейтаҕа оонньообуппутугар – үҥкүүлээбэтэххит, кутурҕан ырыатын ыллаабыппытыгар – ытаабатаххыт“ дэһэн хаһыытаһар оҕолор курдуктар. 33Иоанн Сүрэхтээччи кэлэн килиэби да сиэбэт, арыгыны да испэт, ону эһиги абааһыга буулаппыт диигит. 34Киһи Уола кэлэн, аһыыр да, иһэр да, ону эһиги бу киһи аһас уонна иһээччи, түһээн хомуйааччылар, аньыылаахтар доҕордоро дэһэҕит. 35Ол эрээри Таҥара Муудараһа кырдьыктааҕын оҕолоро бары билиммиттэрэ».
Иисус Христоһу арыынан аҕаабыт дьахтар
36Биир фарисей Иисуһу аһата ыҥырбыта. Иисус фарисей дьиэтигэр киирэн, аһаары өттүгэстээн сыппыта. 37Арай ол куоракка баар аньыылаах дьахтар Кини фарисей дьиэтигэр аһылыкка кэлбитин билэн, алебастр иһиккэ үчүгэй сыттаах арыыны илдьэ кэлбитэ, 38итиэннэ Кини кэннигэр туран, ытыы-ытыы, Иисус атаҕын хараҕын уутунан сууйбута, баттаҕынан соппута уонна, ууруу-ууруу, үчүгэй сыттаах арыытынан аҕаабыта.
39Иисуһу ыҥырбыт фарисей маны көрөн, иһигэр санаабыта: «Бу олорооччу чахчы Пророк эбитэ буоллар, хайа сүрдээх-кэптээх дьахтар Кини атаҕын таарыйарын билиэхтээх этэ. Бу аньыылаах дьахтар буолбаат!»
40Иисус киниэхэ хайыһан: «Симон! Мин эйиэхэ этэрдээхпин», – диэбитэ.
«Этиий, Үөрэтээччи», – диэбитэ анарааҥҥыта.
Иэскэ киирбит икки киһи туһунан домох
41«Биир баайга икки киһи иэскэ киирбиттэр: биирдэрэ биэс сүүс үрүҥ көмүс манньыат иэстэммит, иккиһэ биэс уон манньыат. 42Иэстэрин тугунан да төлүүр кыахтара суоҕун иһин, тойон иккиэннэрин иэһин бырастыы гыммыт. Бу икки киһиттэн хайалара кинини ордук күүскэ таптыаҕа дии саныыгыный?»
43Симон эппитэ: «Ордук улахан иэстээҕэ дии саныыбын».
«Сөпкө тойонноотуҥ, – диэбитэ Иисус, 44онтон дьахтарга эргиллэн баран, Симоҥҥа эппитэ: – Эн бу дьахтары көрөҕүн дуо? Дьиэҕэр кэлбиппэр эн Миэхэ атахпын суунарбар уу биэрбэтэҕиҥ, оттон кини хараҕын уутунан атахпын сууйан баттаҕынан сотто; 45эн Миигин уураабатаҕыҥ, оттон кини киириэхпиттэн биир кэм атахпын ууруур; 46эн төбөбүн арыынан аҕаабатаҕыҥ, оттон кини буоллаҕына атахпын аҕаата#7:44-46Дьон сандалиянан сылдьар буолан, атахтара быыл буолара, ол иһин кэлбит ыалдьыкка, үгэс быһыытынан, атаҕын суунарыгар уу биэрэллэрэ; хаһаайын ыалдьытын иэдэһиттэн уураан көрсөрө; уһулуччу ытыктанар ыалдьыт төбөтүн үчүгэй сыттаах олива арыытынан аҕыыллара.. 47Ол иһин эйиэхэ этэбин: кини күүскэ таптаабытын иһин, элбэх аньыыта бырастыы буолар, оттон кимиэхэ аҕыйах бырастыы буолбут – ол кыратык таптыыр».
48Онтон дьахтарга: «Эн аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолар», – диэбитэ. 49Маныаха атын ыалдьыттар: «Аньыыны бырастыы гынар бу кимий?» – дии санаабыттара.
50Кини дьахтарга эппитэ: «Итэҕэлиҥ эйигин быыһаата, эйэни кытта бар».

Currently Selected:

Лука 7: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in