Иоанн 21
21
Тивериада кытылыгар
1Бу кэнниттэн Иисус үөрэнээччилэригэр аны Тивериада муоратын кытылыгар көстүбүтэ. Ол маннык этэ. 2Симон Петр, Игирэ Аҥаара диэн ааттаах Фома, Галилея Канатыттан сылдьар Нафанаил, Зеведей уолаттара уонна өссө икки атын үөрэнээччи буолан бары бииргэ сылдьыбыттара. 3Симон Петр кинилэргэ: «Мин балыктыы барабын», – диэбитэ.
«Биһиги эмиэ эйигин кытта барсабыт», – дэспиттэрэ анарааҥҥылар. Баран сонно оҥочонон киирэн балыктаабыттара да, ол түүн устата тугу да ылбатахтара.
4Онтон сарсыарда тыҥ хатыыта Иисус кэлэн кытылга турбута, ол гынан баран үөрэнээччилэрэ Кинини билбэтэхтэрэ.
5«Оҕолоор! Балык тутта дуо?» – Иисус ыйыппыта.
«Мэлигир», – дэспиттэрэ.
6«Илимҥитин оҥочоҕут уҥа өттүгэр түһэриҥ, оччоҕо тутуоҕа», – диэбитэ Кини. Илимнэрин түһэрбиттэрэ – аһары элбэх балык кэлэн, кыайан хостооботохторо.
7Иисус таптыыр үөрэнээччитэ Петрга: «Ити Айыы Тойон!» – диэбитэ.
Симон Петр ити Айыы Тойон буоларын истээт, таҥаһын ылан курданан баран (тас таҥаһын устан баран сылдьара) муораҕа ыстаммыта. 8Оттон атын үөрэнээччилэр оҥочонон балыктаах илимнэрин состорбутунан кытылга устан кэлбиттэрэ. Кытылтан ырааҕа суох, сүүсчэкэ хаамыы кэриҥэ эрэ тэйиччи сылдьыбыттара. 9Сиргэ үктэнээт, чох күөдьүтэн уот оттуллубутун, уот кытыытыгар үтүллүбүт балык, килиэп сытарын көрбүттэрэ.
10«Ити ылбыт балыккытыттан аҕалыҥ эрэ», – диэбитэ Иисус. 11Симон Петр баран сүүс биэс уон үс бөдөҥ балык иҥнибит илимин кытылга соһон таһаарбыта. Итиччэ элбэх балыктааҕын үрдүнэн, илим хайа барбатаҕа.
12«Кэлэн аһааҥ», – Иисус ыҥырбыта. Үөрэнээччилэртэн ким да, бу Айыы Тойон буоларын билэн, санаата буолан «Эн Кимҥиний?» диэн ыйыппатаҕа. 13Иисус кэлэн килиэби, онтон балыгы ылан, кинилэргэ биэртэлээбитэ. 14Бу тиллэн баран үөрэнээччилэригэр үһүс көстүүтэ этэ.
Иисус Христос уонна Петр
15Аһыы олордохторуна, Иисус Симон Петртан ыйыппыта:
«Иона уола Симон!#21:15-17 Иона уола Симон – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Иоанн уола Симон». Эн Миигин кинилэрдээҕэр ордук таптыыгын дуо?»
«Таптыыбын, Айыы Тойон, – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин».
Иисус эппитэ: «Мин барааннарым оҕолорун манаа».
16Онтон иккиһин ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин таптыыгын дуо?»
«Таптыыбын, Айыы Тойон, – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин».
«Мин барааннарбын манаа», – диэбитэ Иисус.
17Онтон үсүһүн ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин таптыыгын дуо?»
Кини үсүһүн «Эн Миигин таптыыгын дуо?» диэбититтэн санньыйан, Петр эппитэ: «Айыы Тойон! Эн барытын билэҕин. Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин».
Иисус киниэхэ эппитэ: «Мин барааннарбын манаа. 18Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин: эдэргэр эн, бэйэҥ курданаҥҥын, ханна баҕарбыт сиргэр барарыҥ, оттон кырыйдаххына, икки илиигин быластыы уунуоҕуҥ, оччоҕо эйигин атын киһи курдаан, баҕарбат сиргэр илдьэ барыаҕа». 19Кини маны Петр, хайдах өлөн, Таҥараны албан аатырдыахтааҕын өйдөтөн эппитэ. Инньэ диэн баран, киниэхэ: «Миигин батыс», – диэбитэ.
Иисус Христос уонна Кини таптыыр үөрэнээччитэ
20Петр эргиллэн, кини кэнниттэн били киэһээҥҥи аһылыкка Иисус түөһүгэр сыстан «Тойонуом! Эйигин таҥнарааччы кимий?» диэбит Иисус таптыыр үөрэнээччитэ иһэрин көрбүтэ. 21Кинини көрөн, Петр Иисустан: «Айыы Тойон! Оттон кини хайдах буолуоҕай?» – диэн ыйыппыта.
22«Кини, Мин кэлиэхпэр диэри, баар буолуон баҕарар буоллахпына, онно эн тугуҥ кыһалҕатай? – диэбитэ Иисус. – Эн Миигин батыс!»
23Бу кэнниттэн ол үөрэнээччи өлбөт үһү диэн тыл кинилэр ортолоругар тарҕаммыта. Ол эрээри Иисус Петрга кини өлүө суоҕа диэн эппэтэҕэ, «Кини, Мин кэлиэхпэр диэри, баар буолуон баҕарар буоллахпына, онно эн тугуҥ кыһалҕатай?» диэбитэ.
24Бу туһунан ол үөрэнээччи бэйэтэ туоһулаан маны суруйда. Кини туоһута кырдьыктааҕын биһиги билэбит.
25Иисус мантан да атыны элбэҕи оҥорбута; ону барытын сиһилии суруйар буоллар, суруллубут кинигэ барыта бүтүн аан дойдуга да кыайан батыа суох этэ дии саныыбын. Аминь#21:25 Аминь – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох..
Currently Selected:
Иоанн 21: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022