Апостоллар 18
18
Павел Коринф куоракка кэлэр
1Павел Афиныттан Коринф куоракка барбыта; 2онно Клавдий иудейдары Римтэн барарга дьаһайбытын иһин, ойоҕунуун Прискиллалыын соторутааҕыта Италияттан көһөн кэлбит Понт уобалаһыттан төрүттээх Акила диэн иудейы көрсүбүтэ. Кинилэргэ кэлэн, 3бэйэтин курдук балаакка оҥорор идэлээхтэрин билэн, хаалан бииргэ үлэлэспитэ. 4Хас субуота аайы кини синагогаҕа үөрэтэрэ, иудейдары уонна атын омуктары өйдөтө, тылын ылыннара сатыыра.
5Онтон Македонияттан Силалаах Тимофей кэлбиттэригэр Павел аны атын туохха да аралдьыйбакка эрэ, иудейдарга Иисус дьиҥ Христос буоларын туһунан Тыын салайыытынан#18:5 Тыын салайыытынан – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. туоһулаабыта. 6Иудейдар кинини утарсан үөҕэн барбыттарыгар, Павел таҥаһын быылын тэбэнэн баран, эппитэ: «Өлөр суолу талар буоллаххытына, чэ, бэйэҕит буруйдааххыт, мин ырааспын; аны мантан инньэ атын омуктарга барабын».
7Бу кэннэ тахсан синагога таһыгар дьиэлээх Тит Иуст диэн Таҥараны ытыктыыр киһиэхэ тиийбитэ. 8Синагога тойоно Крисп бүтүн дьиэ кэргэттэрин кытта Айыы Тойону итэҕэйбиттэрэ; Коринф олохтоохторуттан үгүстэрэ, Павел этиитин истибит дьон, эмиэ итэҕэли ылынан сүрэхтэммиттэрэ.
9Биирдэ Айыы Тойон түүн Павелга көстөн: «Куттаныма, салгыы үөрэтэ сырыт, саҥата суох сылдьыма, – диэбитэ. – 10Мин эйигинниин бииргэбин, онон ким да эйиэхэ туох да куһаҕаны оҥоруо суоҕа – бу куоракка Мин киһим элбэх». 11Павел онно биир сыл алта ый устата олорон дьону Таҥара тылыгар үөрэппитэ.
Иудейдар Павелы дьүүлгэ тардаллар
12Галлион Ахайя уобалаһын баһылыга буолбутугар, иудейдар куомуннаһан, Павелы тутан ылан, суукка аҕалбыттара уонна: 13«Бу киһи Таҥараҕа Сокуонтан атыннык сүгүрүйэргэ үөрэтэр», – диэн үҥсүбүттэрэ.
14Павел тыл кыбытыан да иннинэ, Галлион иудейдарга эппитэ: «Иудейдар, истиҥ эрэ! Өскөтүн буруйу оҥоруу тахсыбыта эбэтэр хара дьайдаах суолга сананыы баара буоллар, мин эһигини истэр төрүөттээх буолуом этэ. 15Оттон бэйэҕит үөрэххит, ааккыт-суолгут уонна Сокуоҥҥут туһунан мөккүһэр буоллаххытына, ону миигинэ суох быһаарсыҥ. Мин оннугу дьүүллүөхпүн баҕарбаппын». 16Уонна барыларын сууттан үүрэн таһаарбыта.
17Гректэр#18:17 Гректэр – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. бары синагога тойонун Сосфены тутан ылан, сууттуур сир таһыгар кырбаабыттара да, Галлион кымаардаан да көрбөтөҕө.
Прискилла, Акила уонна Аполлос
18Павел өссө да элбэх күн сылдьан баран, бырааттарын кытта бырастыылаһан Сирияҕа устубута, Прискиллалаах Акила эмиэ барсыбыттара. Павел Кенхрейгэ кэлэн, Таҥараҕа мэктиэ тылын биэрбитин бэлиэтигэр төбөтүн бириэйдэппитэ. 19Эфескэ кэлбиттэригэр, аргыстарын хаалларан баран, синагогаҕа тиийэн иудейдары кытта кэпсэппитинэн барбыта. 20Бу куоракка өссө тохтуу түһэригэр көрдөспүттэрин сөбүлэммэтэҕэ, 21бараары бырастыылаһа туран эппитэ: «Бу кэлэр бырааһынньыгы мин хайаан да Иерусалимҥа ылыахтаахпын. Таҥара биэрдэҕинэ, эһиэхэ эргиллэн кэлиэм». Эфестэн Павел хараабылга олорсон айаннаабыта. 22Кесарияҕа сылдьан баран Иерусалимҥа тиийбитэ уонна сиэркэби эҕэрдэлээт, быһа Антиохияҕа ааспыта. 23Онно балайда буолан баран, Павел Галатия дойдутун, Фригияны кэрийэн, үөрэнээччилэри бөҕөргөтөн салгыы айаннаабыта.
24Эфескэ биир Аполлос диэн Александрияттан төрүттээх, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, Суруйуулары үчүгэйдик билэр еврей киһитэ тиийэн кэлбитэ. 25Кини Иоанн сүрэхтээһинин эрэ билэр эрээри, Айыы Тойон Суолугар үөрэммит буолан, Айыы Тойон туһунан итийэн-кутуйан туран, сөпкө үөрэтэрэ. 26Аполлос синагогаҕа хоодуоттук үөрэтэн барбыта. Үөрэтэрин истэн баран, Акилалаах Прискилла кинини дьиэлэригэр илдьэн, Айыы Тойон Суолун#18:26 Айыы Тойон Суолун – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Таҥара Суолун». киниэхэ чуолкайдаан, быһааран биэрбиттэрэ.
27Аполлос Ахайяҕа барарга быһаарыммытыгар бырааттара сөбүлэһэн, үөрэнээччилэргэ кинини үчүгэйдик көрсүҥ диэн сурук суруйбуттара. Кини онно тиийэн Таҥара илгэлээх үтүөтүнэн итэҕэли ылыммыт дьоҥҥо улаханнык туһалаабыта: 28Иисус диэн Христос буоларын бар дьон иннигэр Суруйууларынан итэҕэтиилээхтик дакаастаан, иудейдары самнарбыта.
Currently Selected:
Апостоллар 18: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022