Сиргэ баайы-дуолу мунньунумаҥ: сиргэ баары үөн-көйүүр кэрбиир, дьэбин быһа сиир, уоруйахтар дьөлө хаһан киирэн уоран ылаллар; ол оннугар халлааҥҥа баайда мунньунуҥ, онно үөн-көйүүр да кэрбээбэт, дьэбин да быһа сиэбэт, уоруйахтар да хаһан киирэн уоран ылбаттар. Баайгыт-дуолгут ханна баар да, сүрэххит эмиэ онно буолуо.