«Доҕоттор! Бу туох ааттааҕы быһыыланан эрэҕит? – диэн күөмэйдэрин муҥунан саҥаран тохтото сатаабыттара. – Биһиги эмиэ эһиги курдук дьоммут ээ! Эһиги сымыйа таҥаралартан киэр хайыһаҥҥыт сири-халлааны, муораны уонна онно баары барытын айбыт Тыыннаах Таҥараҕа эргиллэргит туһугар, биһиги эһиэхэ Евангелиены иһитиннэрэбит.