1
Апостоллар 1:8
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Ол эрээри Сибэтиэй Тыын үөһэттэн түһэн эһиэхэ киирдэҕинэ, эһиги күүс ылан, Иерусалимҥа да, бүтүн Иудея, Самария да устун – сир бары уһугар тиийэ Мин кэрэһиттэрим буолуоххут».
Compare
Explore Апостоллар 1:8
2
Апостоллар 1:7
Иисус эппитэ: «Аҕам Бэйэтин былааһынан ханнык болдьоҕу, кэми-кэрдиини анаабытын эһиги билэр кыаххыт суох.
Explore Апостоллар 1:7
3
Апостоллар 1:4-5
Биирдэ Апостоллар түмсэн олордохторуна, Кини эппитэ: «Иерусалимтан ханна да барбакка, Миигиттэн истибиккитин – Аҕам эрэннэрбитин – кэтэһиҥ. Иоанн уунан сүрэхтиирэ, оттон эһиги бу кэннэ аҕыйах хонугунан Сибэтиэй Тыынынан сүрэхтэниэххит».
Explore Апостоллар 1:4-5
4
Апостоллар 1:3
Кириэскэ муҥнанан баран, Кини түөрт уон хонук устата үөрэнээччилэригэр көстөн, Таҥара Саарыстыбатын туһунан кэпсээн, Бэйэтэ тыыннааҕын элбэх итэҕэтиилээх чахчыларынан кэрэһилээн көрдөрбүтэ.
Explore Апостоллар 1:3
5
Апостоллар 1:9
Кини маны этэн баран, көрөн турдахтарына, улам үөһэ тахсан барбыта уонна былыкка куустаран, көстүбэт буолбута.
Explore Апостоллар 1:9
6
Апостоллар 1:10-11
Баран эрэр сирин батыһа халлааны одуулаан турдахтарына, эмискэ кинилэр иннилэригэр маҥан таҥастаах икки киһи баар буола түспүтэ. «Галилея дьоно! – диэбиттэрэ кинилэр. – Тоҕо халлааны одуулаан турдугут? Бу Иисус халлааҥҥа ылыллан эһигиттэн хайдах баран эрэрин көрөҕүт да, ол курдук эмиэ эһиэхэ эргиллэн кэлиэҕэ».
Explore Апостоллар 1:10-11
Home
Bible
Plans
Videos